Чэпчэтиилээх бырайыас хайысхатын үбүлээһин улаатыаҕа
Киин куорат 2026 сыллааҕы бүддьүөтүгэр уопсастыбаннай тырааныспарга чэпчэтиилээх бырайыаһы үбүлээһин кээмэйэ улаатара сабаҕаланар. Бу сыалга эһиил 108 мөл. солк. көрүллүөн сөп.
Санатар буоллахха, уопсастыбаннай тырааныспарга алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро босхо айанныыллара олохтоммута. 5-11 (12) кылааска үөрэнэр намыһах дохуоттаах ыаллар оҕолоро ыйга 96 төгүл босхо айанныыр бырааптаахтар. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна бэтэрээннэрэ уонна элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро 50 төгүл босхо айанныыллар, куорат таһынааҕы нэһилиэктэр оҕолоро – 60 төгүл. Куорат таһынааҕы нэһилиэктэр күнүскү үөрэх устудьуоннара ыйга 48 босхо бырайыастаахтар.
Нэһилиэнньэ атын араҥатыгар уопсастыбаннай тырааныспарынан айан төлөбүрүн манна көр.
Санатар буоллахха, Дьокуускай куорат 2026–2028 сыллардааҕы бүддьүөтүн барылын иккис ааҕыы ахсынньы 24 күнүгэр былааннанар, диэн Куорат дууматын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.