08.10.2026 | 19:30 | Просмотров: 171

Чэ, күлсэ түһүөххэ...

Күлүү олоҕу уһатар дииллэр
Чэ, күлсэ түһүөххэ...
Ааптар: Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Матарбыт

Ийэлээх кыыс оптуобуска кэпсэтэллэр. Кыыһа туохтан эрэ кыыһыран, уоһа толлойбут. Ийэтэ:

– Эн, олус да эрэйдээх оҕоҕун...

– Ону эн тоҕо миэхэ этэҕин? О²орон таһаарбыттары кириитикэлээ.

£йдөммүт

Москубаҕа элбэх этээстээх дьиэҕэ олоробун. Массыынабын таһырдьа туруорабын. Арай биир түүн хаар бөҕө түстэ. Хаарын ыраастыахха наада диэн, арыычча эрдэ тахсыбытым – массыынам биир да кыырпах хаара суох кылбайан аҕай турар! Ким ыраастаабыт буоллаҕай?! Соһуйдум аҕай. Кэлин өйдөөбүтүм, анараа подъезка үүт-маас мин курдук массыыналаах ыаллаахпын. Ол барахсан бэйэм киэнэ дии санаан, куһана-мүһэнэ ыраастаатаҕа.

Сарсыныгар да халлаан хаара бараныа дуо! “Бу сарсыарда эмиэ ыраас массыынабын көрөрүм буоллар”, –  диэн, бүдүмүккэ эрэнэн тахсыбытым баара... Хантан?! Хаар бөҕө. Арай ала-чуо нүөмэрин сотон көрбүттэр. Һа-һа-һа.

Маҕаһыыҥҥа

Уһун өрөбүл үүммүччэ, сүрэҕирэн-бэлэһирэн ас астанаары, маҕаһыы²²а бородуукта атыылаһа турдум. Атыыһыттан ураты ыт охсор киһи суох кэмигэр түбэспиппин. Ол турдахпына аан тэлэллэ биэрдэ. Биир дьахтар көтөн түстэ да, атыыһыппар ынан кэллэ уонна:

– Эн, Натааһаҕын да?!!

Атыылааччым хап-сабар:

– Суох, мин саҥа үлэһиппин. Наталья уурайбыта.

– Суолас баара! Дьэ, син биир булан тэйиэм. Сир – төкүнүк! -- кыыһырбытын омунугар, чэчэгэйигэр баар тымырдара көҕөрөн-наҕаран субу тэһэ барыах курдук буолбут дьахтары, тыл аҥаарын да кыбытар кыаҕа суох буола соһуйан, саҥата суох одуулуубун.

Испэр ол Натааһа буолбатахпыттан, хайдах эрэ, бэл, үөрэ санаатым.

Дьахтар киирбитин курдук, бэрт сулбурҕатык тахсан, ааны сабыахча буолан иһэн хаһыытыыр:

– Дьэ, эн да сэрэн!!! Мин эрбэр чугаһаан, эрийсэн көрөөр эрэ! Өлөрүөм!!!

Мин сол да саҥарар кыаҕа суох турабын. Эһиги бэйэҕит да ол дьахтары көрбүккүт буоллар, саллыа этигит. Эниэргийэтэ – биэс уон! Оттон көрүүтэ, куолаһаа!! Бр-рр.

Атыыһытым, хата, бэрт холку:

– Ол эн эриҥ буоларын хантан билэбин? Тугуй, оччоҕо биир да киһини кытта чугаһыспат муҥум да, ол? – диир.

Диэ даҕаны.

Һэ-һэ!

-- Володя, мин Кыайыы параадыгар кыттыбаппын, диир Меркель, кини кэлбэтэҕинэ, туох эрэ алдьархай тахсыан курдук туттан-хаптан туран.

Биирэ хардарар:

-- Оттон сөп дии. Биһиги бэйэбит да билиэннэйдэри хаамтарар санаабыт суох этэ.

Абалаах балыйыы

Өрдөөҕүтэ биир саас, эдьиийим эдэрэ, кыһыйан аҕай киирбиттээх. Чэйдии олорон үлэтиттэн Мария Дмитриевналыын аргыстаһан кэлбит. Кэпсиир:

– Халтараана сүрдэммит. Охтумаары илии-илиибититтэн бодуруускалаһан, ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ кэлэн иһэбит. Утары Н. (ким эрэ диэбитэ аатын умнубуппун) иһэр эбит. Биһиэхэ чугаһаан баран халтарыйда-аа. Онуоха аргыһым олус улаханнык “А..с” диэн өмүрээччи буолла. Ол диэн, били, киһи субу аттыбытыгар кэлбитигэр уп-улаханнык, соруйан иһиллэр гына: «Бу да кыыс, бачча эдэр киһи эрээри куһаҕан тылы саҥарар тугай?!». Па, соһуйан, өмүттэн хаалан, айахпын да аппакка хааллым. Бу сааты-сууту! Кырдьык, миигин саҥарда диэбитэ буолуо дии?

Бочуок дойду тойоно буолбуттаах

Биһиги, этэргэ дылы, Сэбиэскэй кэм үгэннээн турар кэмин баттаһа, оскуолаҕа үөрэммит дьоллоохпут. Оччотооҕу кэми төһө да араастаан үөхтэллэр, кимнээҕэр дьоллоохтук олорбуппут. Өктөбүрүөнэк, пионер, хомсомуол кэккэтигэр үөрэ-көтө сылдьан, үөрэнэн, араас уопсастыбаннай үлэҕэ сыста үөрэммиппит. Ардыгар оҕо-оҕо курдук оонньоон, сэмэлэнэн, мөҕүллэн да ыларбыт ханна барыай? Күлүүлээх да түгэн суох буолбатах этэ.

Дьэ, арай биирдэ, алтыска үөрэнэ сырыттахпытына быһыылааҕа, “Ленинскэй сочуот” диэн ааттанар тэрээһин буолла. Ол сырыыга тоҕо эрэ, барбах аҕай, улуус үөрэҕин салаатыттан иниспиэктэр таҕыста. Биһиги долгуйуу бөҕө. Хаалтыспытын өтүүктээн, мааны таҥас кэтэн, эрдэттэн ой-бото бэлэмнэммиппит. Кылааспыт салайааччыта, дириэктэрбит уонна ол иниспиэктэр дуоска иннигэр уһаты тардыллыбыт остуолга олороллор. Омуна суох, ол кэмҥэ сахсырҕа сыыгыныыра эбитэ буоллар, ол эрэ иһиллиэ эбитэ буолуо. Дьоммут биһигини эр-биир туруортаан дойду, баартыйа, былаас, оскуола туһунан араас ыйытыыны эр-биир биэртэлээн истилэр.

Дьэ, онтон биир мөлтөхтүк үөрэнэр уолбут уочарата кэлэр. Ыйытыыта, дьиҥинэн, боростуой соҕус буолла: «Сэбиэскэй Сойууска Баартыйа Киин Кэмитиэтин сэкирэтээрэ кимий?» – диэн. Уолбут болдьоон-хаһаан ыйытыгы истибэккэ олорбут бадахтаах, мух-мах буолла, чахчы, ыксаата. Баҕар, барахсан, кырдьык билээхтээбэтэ да буолуо. ¥өрэммит үгэһинэн, көмө-ама көрдөөн, кылаас оҕолоррун эргиччи көрүтэлии турда.

Онуоха ыстаарыста уолбут -- тугун үөнэ эмискэ тэһэ кэйбитэ буолла бу ыксалга -- сөмүйэтинэн бэйэтин ыйан көрдөрдө. Уолбут ууга тимирэн эрэ киһиэхэ ураҕаһы ууммуттарыныы, үөрэн сэгэс гынна уонна кыахтаах баҕайытык: “Бочуок... Хоруотуонап!” – диэн саайбат дуо!

Биһиги улахан алҕас, сааттаах быһыы тахсыбытын билинэн, мэктиэтигэр, тыыммат да туруктанныбыт. Хата, дириэктэрбит холкутун холку, этэр: «Сэгээр, ыйытыгы болҕойон истэр буолуоххун. Ыстаарыстаны ыйыппат, генеральнай сэкирэтээр М.С. Горбачёву ыйытта ээ”, – диэн, тыҥаабыт балаһыанньаны сымната сатаата ...

Ол кэнниттэн кылаас актыыба, ордук ыстаарыстабыт, балачча мөҕүллүбүт буолуохтаахпыт. Ол тоҕо эрэ өйбөр хаалбатах. Күлүүлээҕин, хата, күн бүгүнүгэр да диэри умнубаппын.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.