08.05.2026 | 15:28 | Просмотров: 154

Cаха сирэ – Дьоруойдар дойдулара

Улуу Кыайыы 81-с сааһын көрсө Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Бырабыыталыстыба дьиэтигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар судаарыстыбаннай наҕараадалары уонна «Саха сирэ – дьоруойдар дойдулара» бырагыраама бастакы курсааннарыгар дипломнары туттарда.
Cаха сирэ – Дьоруойдар дойдулара
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Саргын Скрябин, СИА
Бөлөххө киир

Санатар буоллахха, дойду баһылыга Владимир Путин анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара Арассыыйа саҥа элитата буолуохтаахтар диэн соругу туруорбутунан, «Cаха сирэ – Дьоруойдар дойдулара» бырагырааманы ааспыттар бары судаарыстыбаннай былаас, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар, судаарыстыбаннай хампаанньаларга салайар дуоһунастарга ананыахтара. 714 чаас лекцияны истибиттэрэ, бэйэлэрэ толкуйдаабыт бырайыактарын көмүскээбиттэрэ, экспертэр салалталарынан практическай дьарыктары ааспыттара барыта инникитин дойду, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар көмөлөһүөхтээх.

Ил Дархан Айсен Николаев эппитинэн, бу диплом – сүҥкэн эппиэтинэс уонна итэҕэл мандата. Оттон бастакы выпускниктар ортолоругар Арассыыйа Дьоруойа Андрей Григорьев-Тута, Михаил Ан, Октябрина Максимова, Яков Александров, Эдуард Филиппов о.д.а. бааллар.

Санатар буоллахха, «Саха сирэ – дьоруойдар дойдулара» регион таһымнаах бырайыак дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит «Дьоруойдар кэмнэрэ» федеральнай бырагыраама иһинэн  үлэлиир. Иккис поток сыл иккис аҥаарыгар арыллара былааннанар.

Бу күн Ил Дархан анал байыаннай дьайыыга дойдубут аатын чиэстээхтик көмүскээбит алта буойуҥҥа Арассыыйа таһымнаах судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда – Петр Мухиҥҥа, Василий Местниковка, Василий Егоровка, Юрий Боярскайга, Василий Спиридоновка уонна Иннокентий Спиридоновка.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.