21.10.2026 | 13:07 | Просмотров: 140

Бырааппытын төһө билэбитий уонна туһанабытый?

5 күнтэн уһун кэмҥэ дьиэҕэр олорботох түгэҥҥэ хомунаалынай төлөбүр кэккэ көрүҥнэригэр перерасчет оҥотторуохха сөп.
Бырааппытын төһө билэбитий уонна туһанабытый?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Холобур, бөх  тиэйиитин өҥөтө (ТКО) дьиэҕэр, кыбартыыраҕар ким да суоҕуна ылыллыа суохтаах. Ону таһынан киһи баар да буоллаҕына, баар дьонтон эрэ ылыллыахтаах, эйиэхэ ааҕыллыа суохтаах. Билэргит курдук, ТКО төлөбүрэ кыбартыыраҕа олорор дьон ахсаанынан суоттаан ылыллар.

Манна даҕатан эттэххэ, биир эмэ оҕоҕут атын сиргэ олорон үөрэнэр, үлэлиир биитэр аармыйаҕа сулууспалыыр буоллаҕына, кини дьиэҕэ олорботун кэрэһилиир ыспыраапканы (докумуону) ыыттаран, УК-ҕа ону илдьэн туттаран,  хомунаалынай өҥө сыанатын биллэ түһэттэриэххэ сөп. Ити -- биллэн турар, киһи ахсааныттан тутулуктанан ылыллар төлөбүргэ сыһыаннаах. Холобур, сылытыы иһин итинник көҕүрэтиини туруорсар сыыһа. Тоҕо диэтэххэ, төлөбүрү ааҕыы дьиэ кв м иэниттэн төлөбүр сэдиптэнэр. Счетчик көрдөрүүтүгэр тирэҕирэн ылыллар өҥө, холобур, итии-тымныы уу, гаас, уот киэнэ эмиэ перерасчекка хапсыбат. Тоҕото өйдөнөр. Счетчик көрдөрүүтүгэр олор тирэҕирэллэр. Туттубат кэмҥэ счетчик эрийбэтэ чуолкай.
Перерасчету үгүс дьон туһаммат. Дьиҥинэн, аҕыйах да солкуобай көҕүрүүрэ – үчүгэй.

Буолаары буолан, эһиилгиттэн ТКО төлөбүрэ Дьокуускайга үрдүүрүн туһунан сырдатан турабыт. Биллэн турар, аккаастыы сатыахтарын сөп. Ол эрээри эһиги перерасчет оҥотторор  толору бырааптааххыт. Толорбот түгэннэригэр Олорор дьиэ инспекциятыгар сайабылыанньа суруллуохтаах.
Юрист быһаарарынан, маннык быраабылалар бааллар:

-- ТКО-ну тиэйии төлөбүрүгэр хаттаан ааҕыы (перерасчет) олохтоохтор дьиэлэригэр 5 календарнай күнтэн уһун кэмҥэ олорботох түгэннэригэр  оҥоһуллар.
-- Онуоха дьиэҕэ олорботох, атын сиргэ сылдьыбыты мэктиэлиир хас да суох докумуон баар. Сүрүнэ, олор оригинал буолуохтарын эбэтэр бигэргэтиллибит куопуйа да барсыан син. Оннук докумуоннарга киирсэллэр: айан билиэтэ, командировочнай удастабырыанньа, атын аадырыска быстах кэмҥэ регистрацияламмыт чахчы, үлэлиир, үөрэнэр сиртэн ыспыраапка уонна да атын.
-- Суруйар сайабылыанньаҕытыгар "биһиги дьиэбитигэр мэлдьи да олорбоппут" диэн суруйуо суохтааххыт. Оннук түгэҥҥэ аккаастыыллара сокуоннай. Тоҕо диэтэххэ, итинник перерасчет быраабылата быстах кэмҥэ олорботох түгэҥҥэ эрэ дьайар.
-- Перерасчет туһунан сайабылыанньаны дьиэттэн атын сиргэ барыах иннинэ эбэтэр кэлэн баран, 30 күн иһигэр суруллуохтаах. “Былырыын баччаҕа суох этибит” диэх курдук этэн, хойутаан сайабылыанньалаһа сатанар табыллыбат. Өйдөөн кэбиһиҥ ити быраабы кэлэн баран, 30 күн иһигэр эрэ туһаныахха сөп.

Үөһэ этиллибити барытын тутуһан туран, перерасчет ааҕары туруорсубуккутун  УК аккаастыыр түбэлтэтигэр Олорор дьиэ инспекциятыгар тиийэр толору бырааптааххыт.
 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.