08.06.2025 | 09:00 | Просмотров: 276

Бухатыырдар түһүлгэлэрэ

Бухатыырдар түһүлгэлэрэ
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Аммаҕа Василий Шараборин, Андрей Захаров, Василий Андреев, Платон Прокопьев-Оокко Бухатыыр уонна Анатолий Баишев бириистэригэр норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах мас тардыһыытын турнира икки абсолютнай ыйааһыннарга бастыыр иһин үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.

Түһүлгэни ыарахан ыйааһыннаах бухатыырдар, олор истэригэр 177 кг үктүүр, толуу көрүҥнээх монгол Сенгедорж Баттаяр киэргэттилэр. Ол эрээри манна модьу-таҕа тас көрүҥ элбэҕи быһаарбата, үчүгэй бэлэмнээхтэр, чахчы күүстээхтэр кыайыы көтөллөннүлэр.

75 кг диэри ыйааһыннаахтарга Тааттаттан сылдьар аан дойду чөмпүйүөнэ Константин Жирков финалга Чурапчыттан Егор Слепцову баһыйа тутан, абсолютнай чөмпүйүөнүнэн буолла.

75 кг үөһэ ыарахан ыйааһыннаахтарга буолбут хардарыта хотуһуулардаах кытаанах киирсиилэргэ эмиэ Таатта күүстээҕэ Никита Татаринов финалга Нам күүстээх мадьынытын Денис Федоровы кыайа-хото тутта. Муҥутуур кыайыылаахтар 50-нуу тыһ. солк. сертификаттарынан наҕараадаланнылар. Бу буолаары турар “Манчаары оонньууларыгар” таатталар үчүгэй бэлэмнээхтэрин көстүүтэ буолла.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.