05.11.2026 | 11:00 | Просмотров: 80

Бу күннэргэ киинэни таптааччылар сэргэхсийэллэр

Дьокуускайга тохсус төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ сэтинньи 9 күнүгэр диэри ыытыллар.
Бу күннэргэ киинэни таптааччылар сэргэхсийэллэр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: "Эхо столицы"
Бөлөххө киир

Бэстибээл үөрүүлээх аһыллыыта бэҕэһээ Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы искусство киинигэр буолла. Ыҥырыылаах ыалдьыттар, Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ, саха киинэтин “сулустара” муус ыллыгынан хааман киирбиттэрэ тэрээһин биир умнуллубат чаҕылхай түгэнинэн буолла.

1 / 3

Режиссер Эдуард Новиков Николай Лесков «На краю света» кэпсээнигэр олоҕуран устубут киинэтэ бэстибээли арыйар чиэскэ тигистэ.

Быйылгы бэстибээл күрэс бырагырааматыгар Арассыыйаттан, Индияттан, Монголияттан, Японияттан, Грецияттан, Пакистантан, Кыргызстантан 11 толору кээмэйдээх киинэ киирдэ. Дьүүллүүр сүбэни Арассыыйа продюсера уонна киинэ үөрэхтээҕэ Наталья Мокрицкая салайар.

Бэстибээл анал бырагырааматыгар киирбит киинэлэр хаһан, хастан, ханна буолалларын манна көр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.