Босхо бэриллиэхтээх
Анал байыаннай дьайыыга сылдьан олохтон туорааһын, хомойуох иһин, ханна барыай? Онуоха дойдутун туһугар олоҕун толук уурбут байыас Нэһилиэстибэннэй быраабын туһунан сибидиэтэлистибэни (Свидетельство о праве на наследство) нотариальнай хонтуоралар босхо, төлөбүрэ суох биэриэхтээхтэр.
Тоҕо диэтэххэ маннык Сибидиэтэлистибэ РФ Нолуокка кодексыгар уонна РФ Юстиция министиэристибэтин 2023 сыл балаҕан ыйын 12 күнүнээҕи 253 нүөмэрдээх бирикээһигэр СВО кыттыылаахтарыгар көрүллэр эрэгийиэннээҕи тарыып туһунан уонна 100 бырыһыаннаах чэпчэтии көрүллэр докумуоннар кэрискэлэригэр чопчу киирэ сылдьар.