Борисовка-1 түөлбэҕэ тоҕус хочуол атыылаһыллара хаалла
Санатар буоллахха, «Киин куорат» «Борисовка-1» сылааһа да, итии уута да суох сайылаата. Саҥа былаас тугу быһаарда?» диэн матырыйаалыгар быйылгы оттук сезонун баттаһа бары 59 дьиэҕэ сылаас, итии уу даҕаны кэмигэр бэриллиэхтээх диэн суруйан турар. Онуоха сүрүн кыһалҕанан бүгүҥҥү күҥҥэ 9 дьиэ саҥа гаас хочуолун атыылаһа илигэ буолар. Сокуон быһыытынан, дьиэ иһинээҕи гаас хочуолун дьиэни бас билээччи эбэтэр Салайар хампаанньа атыылаһыахтаахтар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ алта дьиэ олохтоохторо бэйэлэрэ түмсэн, харчы хомуйан, «Лемакс» фирма хочуолларын атыыласпыттара. Хаалбыт 9 дьиэҕэ боппуруос оннуттан хамсаабакка турар.
Санатар буоллахха, Дмитрий Садовников олорор дьиэ пуондатын балаҕан ыйын 4 күнүттэн хойутаппакка 100% кыстыкка бэлэмниир соругу туруорбута.