Больничнайга барар күнү аҕыйатар буоллулар
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ бэлэмнээбит бырайыагынан, алта ый иһигэр түөртэ уонна онтон элбэхтэ үлэлиир кыаҕа суоҕунан билиниллибит дьоҥҥо үс эрэ күннээх больничнай илиис бэриллэр буолуоҕа.
Маннык больничнай аһыллыбытын кэннэ, быраас эбии чинчийиилэри ыытарга эбэтэр ыарыһаҕы стационарга киллэрэргэ быһаарыы ылар медицинскэй хамыыһыйаны тэрийиэхтээх. Үс күн ааспытын кэннэ хамыыһыйа уурааҕынан больничнай уһатыллыан эбэтэр сабыллыан сөп.
Саҥа быраабылалар сорох категория дьоҥҥо тарҕамматтар. РИА Сонуннара иһитиннэрэринэн, онно киирэллэр: ыалдьар чугас аймаххын көрүү-харайыы, хат буолуу уонна оҕолонор уоппуска, социальнай суолталаах ыарыыларынан, бүөрү солбуйар терапия ирдиир ыарыыларынан, харантыын кэмигэр, ону тэҥэ бары стационарга эмтэнэр түгэннэр.
«Mains» страховкалааһын брокерын чинчийиитинэн, больничнайдар үс гыммыт биирдэрэ уһатыллар, ол эбэтэр нэдиэлэттэн ордук кэмҥэ бараллар. «Газета.Ru» суруйарынан, үлэһиттэр 25%-ра сылга үстэн элбэхтэ больничнайга барар.
2026 сылга биир күннээх больничнай төлөбүрүн муҥутуур суумата 6,8 тыһыынча солкуобай. 2025 сылга бу үрдүк кээмэй — 5673 солкуобай этэ. Дьиҥнээх төлөбүр үлэһит хамнаһыттан уонна үлэтин ыстааһыттан тутулуктаах.