Болҕойуҥ! «НТО-Контроль» анал чат-бот үлэлээтэ
Ыраата барбакка, бу күһүн 203-c түөлбэҕэ «Пятёрочка» маҕаһыын таһыгар көҥүлэ суох, эбиитин тротуарга (!) турбут павильону холобурдуохха сөп. Санаан көрүҥ, стационарнайа суох эргиэн эбийиэктэрин схематыгар киирбэтэх, ону тэҥэ сир учаастагын бас билээччини кытта куортам дуогабарын түһэрсибэтэх да этэ.
Тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылаларын кэһэн туран үлэлиир эргиэн эбийиэктэрин хонтуруоллуур сыалтан Олохтоох дьаһалта МАХ мобильнай сыһыарыыга «НТО-Контроль» диэн анал чат-боту үлэлэттэ.
Сэтинньи бүтүөр диэри сокуоннайа суох эргиэни утары охсуһар ый биллэрилиннэ. Бу кэм устата ханнык баҕарар киһи маннык кэһиини тыллыан сөп. Эбийиэги хаартыскаҕа түһэрэн, чопчу аадырыһын ыйан туран, «НТО-Контроль» чат-бот нөҥүө ыытыахха наада. Кэһии түбэлтэтэ тахсыбыта билиннэҕинэ, ол эбийиэги көтүрүөхтэрэ.
«НТО-Контроль» бырайыакка кыттыһыҥ уонна куораты тупсарыыга бэйэҕит кылааккытын киллэриҥ!