Болҕойуҥ! Дьокуускай суолларыгар саҥа камералары туруордулар
Киин куоракка суол быраабылаларын кэһиини хаартыскаҕа уонна видеоҕа түһэрэр алта саҥа комплекс сэтинньиттэн үлэлиэҕэ. Бу камералар суолга тахсар араас кэһиилэри бэйэлэрэ бэлиэтиир кыахтаахтар. Этэргэ дылы, кыра да сыыһа-халты туттууну бырастыы гымматтар, оннук кыраҕытык кэтииллэр.
Тэриллэри куорат ордук сырыылаах суолларын быһа охсуһууларыгар туруордулар. Бу туһунан Саха сиринээҕи айан суолларын управлениета иһитиннэрэр.
Камералары маннык учаастактарга туруордулар:
– Дзержинскэй – Орджоникидзе – Чиряев уул.;
– Лермонтов – Киров уул.;
– Лермонтов – Петр Алексеев уул.;
– Дзержинскэй – Кальвица уул.;
– Дзержинскэй – Федор Попов уул.;
– Дзержинскэй – Строителлэр уул.
Саҥа комплекстар суолга араас кэһиилэри бэйэлэрэ бэлиэтиир кыахтаахтар. Этэргэ дылы, кыра да сыыһа-халты туттууну бырастыы гымматтар, оннук кыраҕытык кэтииллэр.
Ол иһигэр:
– түргэни аһарыы;
– светофор кыһыл уотугар айан уонна тохтотор линияны ааһа барыы;
– утары айанныыр балаһаҕа тахсыы;
– бобуулаах эргиирдэр, хаҥас диэки салайыы уонна кэннинэн айаннааһын;
– суол бэлиэлэрин уонна разметкаларын ирдэбилин кэһии;
– курдаммакка айаннааһын;
– анал тэрилэ суох (hands-free) суотабай төлөпүөнүнэн туһаныы;
– тас сырдатар тэриллэри туһаныы быраабылатын кэһии.
Тэрили туруоруу «Олох инфраструктурата» национальнай бырайыак «Суол хаһаайыстыбатын уопсай тиһиктээх сайыннарыы» эрэгийиэннээҕи бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар. Итиэннэ суолга саахал тахсарын аҕыйатарга уонна куттал суох буолуутун үрдэтэргэ туһаайыллар.




