Болҕойуҥ! Болҕойуҥ! Болҕойуҥ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бары куораттарын, улуустарын ытыктабыллаах олохтоохторо!
Бүгүн Дьокуускай куорат «Арассыыйа ыччатын киин куората — 2027» чиэстээх аат иһин күрэскэ кыттар. Бу түгэн барыбытыгар төһүү суолталаах.
Дьокуускайы ЫЧЧАТ КИИН КУОРАТЫНАН БИЛИНИЛЛИИТЭ бүтүн өрөспүүбүлүкэ ыччатын хамсааһына сайдарыгар саҥа саҕахтары, кэскили арыйыаҕа. Федеральнай таһымнаах болҕомтону уонна бары улуустарга сонун, туһалаах бырайыактары олоххо киллэрэр кыаҕы түстүөҕэ. Дьокуускай куорат элбэх орто уонна үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар дойдубут сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрсэр, норуот кэскилин түстэһэр ыччаппыт үөрэнэр. Дэлэҕэ, Дьокуускай куорат олохтоохторун орто сааһа, быһа холуйан, 34-35 сааска тэҥнэһиэ дуо! Сахабыт сирин киин куоратыгар ыччат айар-тутар, үлэлиир, үөрэнэр усулуобуйатын тупсарыы – барыбыт интэриэһэ. Кинилэр буолуохтара – өрөспүүбүлүкэни сайыннарар сүдү күүс, инники эрэлбит. Итини этэн туран, бу куонкуруска Дьокуускай хайаан да кыайарын курдук, барыгытын кыттаргытыгар ыҥырабыт. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!
Барыгытын бу тэрээһини өйүүргэ ыҥырабыт! 2026 сыл алтынньы 23 күнүгэр диэри киирэн куоластыырга тиэтэйиҥ.
Онуоха туох тугу гыныахха нааданый:ВКонтакте социальнай ситимҥэ страницаҕытыгар киирэн куорат биитэр бэйэҕит оройуоҥҥут хаартыскатын угаҕыт. Анныгар Дьокуускайы өйүүргүтүн суруйаҕыт уонна булгуччу маннык хэштегтэри бэлиэтиигит: #Молодежнаястолица2027 #Якутск
Эһиги куоласкыт — өрөспүүбүлүкэбит кэскилигэр киллэрэр кылааккыт буолар! Биһиги күүспүт — сомоҕолоһууга!