03.11.2026 | 15:00 | Просмотров: 338

Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр

Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Саҥа быраабыла баан счетугар сытар уонна уурдарыы солкуобайга уонна тас дойду валютатыгар, ону тэҥэ күндү тимирдэргэ сыһыаннаах.

Чопчута, бу саҥа быраабылаҕа  бокуонньуктар кимиэхэ да тиксибэтэх, биэс сылтан уһун кэмҥэ ирдэммэтэх үп-харчы хапсар.

Онуоха, сүрүнэ, ити үп, уурунуу “выморочнай” статустаах, оттон нэһилиэстибэ дьыалата онно аһыллар кыаҕа суох буолуохтаах. Ол эбэтэр бас билээччи суох буолбутун кэннэ кини баайын-дуолун (үбүн) ылар бырааптаах нэһилиэнньик суох биитэр баар да буоллаҕына, нэһилиэстибэттэн аккаастаммыт түгэнигэр итинник статус бэриллэр. 

Оннук баай-дуол кэрискэтин оҥоруунан дьарыктанар үлэни судаарыстыба баайын-дуолун дьаһайар Федеральнай ааҕыныстыбаҕа сыһыарбыттар. Туһааннаах биэдэмэстибэ Федеральнай нолуок сулууспата, Федеральнай нотариальнай палаата, Федеральнай суут бириистэптэрин сулууспата, ону тэҥэ кирэдьиит биэрэр тэрилтэлэр киллэрбит иһитиннэриилэригэр олоҕуран, сибидиэнньэлэрин түмэр, киинниир буолуоҕа.

Ыйаахха этиллэринэн, 2026 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри кэмҥэ ФНС өлбүт дьон дааннайдарын уонна кинилэргэ суруллубут бааҥҥа баар счеттарын туһунан дааннайы бэлэмниэхтээх. Ол кэнниттэн ити иһитиннэрии Росимуществоҕа, онтон салгыы Федеральнай нотариальнай палаатаҕа тиксэриллэр. Ити тэрилтэлэр түмүллүбүт дааннайга киирбит счеттарга сыһыаннаан нэһилиэстибэҕэ хаалларар туһунан дьыала аһыллыбытын-суоҕун бэрэбиэркэлииллэр. Дьыала аһыллыбатах түгэнигэр дойду бас билиитигэр биэрэр быһаарыы тахсар.

 

Быраабыла балаһыанньаларыгар бокуонньуктар счеттарыгар сытар омук валюталарын уонна күндү тимирдэрин судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгэ чопчуламмыт.  Валютаны солкуобайга көһөрөн баран, судаарыстыба бас билиитигэр биэрэллэр.

Бу иннинэ гражданнар бааҥҥа баар үптэрин судаарыстыба туһаныытыгар туһаныллыбатын курдук көмүскэллээх буоларын хааччыйар туһунан көҕүлээһин киирэ сылдьыбыта. Госдуума дьокутаата Леонид Слуцкай онно Арассыыйа олохтоохторун үбэ-харчыта сыччах бэйэ баҕатынан, көҥүлүнэн эрэ туһаныллар кыахтааҕын бэлиэтээбитэ.

Бу туһунан Комсомольская правда суруйар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп