Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Блины тиэстэтин туохха охсоргуттан тутулуктанан, амтана, сымнаҕаһа-кытаанаҕа да араас буолар. Мантан аллара судургу ырысыаптары санатыһыаҕыҥ. Сарсын өрөбүл, онон биир эмэ көрүҥү астанар тоҕо да сатаммат буолуой? Ингридиеннэри барытын холбоон, комуога суох буолуор диэри ыбылы булкуйабыт. Ол кэнниттэн буһарарыҥ эрэ хаалар.
Үүккэ оҥоһуллубут блины
Онуоха наада: 500 г үүт, 2 сымыыт, 200 г бурдук, 20 г саахар, 2 г туус, 20 г мас арыыта
Кэпииргэ охсуллубут блины
Онуоха наада:
450 г кэпиир, 2 сымыыт, 20 г саахар, 2 г туус, 3 г суода, 20 г мас арыыта.
Ууга оҥоһуллар блины
Онуоха наада: 500 г уу, 2 сымыт, 200 г бурдук, 20 саахар, 2 туус, 20 г мас арыыта.
“Заварной” блины
Онуоха наада: 250 үүт, 250 итии уу, 2 сымыыт, 200 г бурдук, 20 г саахар, 2 туус, 20 г мас арыыта