Биологическай сааскын бил!
Биологическай саас киһи пааспарын (халандаар) сааһыттан атын буолуон сөп, манна этиҥ-сииниҥ сааһырыыта, уорганнар уонна килиэккэлэр кэһиллиилэрэ, сайдыыта киирэр. Ол эбэтэр дьиҥнээх физиологическай туругу, эт-сиин уларыйыытын уонна доруобуйаны көрдөрөр.
Биологическай сааһы билэргэ биһиги ааҕааччыларбытыгар тургутук бэлэмнээтибит. Маныаха эн хараххын симэн баран аҥаар атаххар туруохтааххын. Ол кэмҥэ аттыгар баар киһи секундомерын холбуур. Дьэ, боруобаланан көрүҥ эрэ, хас сөкүүндэ турар эбиккитий. Саҕаланна!
40 сөк. – 20 саас
30 сөк. – 40 саас
25 сөк. – 35 саас
20 сөк. – 40 саас
17 сөк. – 45 саас
12 сөк. – 50 саас
11 сөк. – 55 саас
10 сөк. – 60 саас
Бу тургутук – бэйэни билии ньымата. Ол эрээри чуолкай биологическай сааһы клиническэй чинчийии быһаарар.