14.10.2026 | 17:00 | Просмотров: 80

Бил, кытын, бириистэ сүүй.

Арассыыйаҕа ахсыс төгүлүн Статистическай диктант ыытыллар.
Бил, кытын, бириистэ сүүй.
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Росстат саайтыттан
Бөлөххө киир

Арассыыйаҕа VIII Статдиктант буола турар. Бу — статистика чахчытыгар быһаарса үөрэнэргэ уонна сатаан туһанарга көмөлөһөр сыаллаах, сырдатар ааксыйа.

Статистика диктана алтынньы 22 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Онно кыттаары таһырдьа да тахсар наадата суох. Тоҕо диэтэххэ, онлайн эрэсиимҥэ — дьиэҕэ, оскуолаҕа, университекка эбэтэр үлэҕэ олорон толоруохха сөп. 

Диктант кыайыылаахтарыгар бириис пуондатын ааксыйа сүрүн партнера — «Россия – страна возможностей» диэн бэрэсидьиэн платформата туруорда. Бириистэри оонньотуу сэтинньи ыйга былааннанар. Бириискэ электросамокааттар, ноутбуктар, наушниктар, электроннай кинигэлэр уонна массажердар, өйдөөх колонкалар уо. д. а. бааллар.

VIII Статистическай диктант алтынньы 13 күнүттэн саҕаламмыта. Этиллибитин курдук, 22 чыыһылаҕа диэри буолар. Онно кыттарга тустаах бырайыак официальнай страницаларыттан биирдэстэригэр киирэн регистрацияланан баран, тургутугу ааһаҕын.

Онуоха Статистическай диктант эбэтэр «Россия — страна возможностей» бырайыак страницатыгар киирэҕит. Партнерскай платформа нөҥүө Тус бэйэ кабинетын арынаҕыт.

Сааһынан арааран кытыннараллар. *Оскуола таһыма (12–18 саастаах кыттааччыларга) диэҥҥэ: 15 ыйытык баар.  Хоруйдуурга 30-тан 40-ҥа диэри мүнүүтэ бэриллэр.

*Үрдүкү таһым (улахан дьоҥҥо уонна бэлэмнээх кыттааччыларга): 30 ыйытыы баар, бэриллэр бириэмэ — 60 мүнүүтэҕэ диэри.

Сорудахтар Росстат дьиҥнээх дааннайдарыгар олоҕуран оҥоһуллубуттар, кинилэр логиканы, графиктары ырытар дьоҕуру ирдииллэр.

Кыттыбыт дьон электроннай сертификат тутуохтара. Көннөрү кыттыы иһин эбэтэр кыайыылаах киэнэ буолар. Сертификаты Тус кэбиниэккитигэр ыытыахтара.

Диктаҥҥа кыттыы — босхо. Төлөбүр үрдэммэт.

Статистика диктаана Арассыыйа статистикатын 215 сыллаах үбүлүөйүгэр сыһыаран ыытыллар. Бириистэри тургутукка 28-тан тахса сөптөөх хоруйу биэрбит кыттааччылар ортолоругар оонньотоллор. Кытаатыҥ! Сигэтэ бу баар👉 https://sd.rosstat.gov.ru/

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.