Биир кэлим босуобуйаҕа уларыйыылар киириэхтэрэ
Биир кэлим босуобуйаны анааһын быраабылаларын уларытар сокуон барыла Госдуума көрүүтүгэр киириэҕэ. Арассыыйа бырабыыталыстыбатын көҕүлээһинэ дохуоттара кыратык эрэ аһара барбыт элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ төлөбүрү тутан хааларыгар көрүллэр диэн бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тустаах көннөрүүлэр бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйыытынан быһа линия түмүгүнэн оҥоһуллубута бэлиэтэнэр.
Билигин босуобуйаны хаттаан оҥотторууга элбэх оҕолоох ыал биир киһиэхэ тиксэр орто дохуота наадалаах критерийтэн үрдүк, ол эрээри тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 10%-тан элбэҕэ суох буоллаҕына, төлөбүрдэр хас биирдии оҕоҕо регионнааҕы тиийинэн олоруу 50% кээмэйинэн өссө биир сылга уһатыллыахтара диэн бырабыыталыстыба быһаарда.
Биир кэлим босуобуйа 17-гэр диэри оҕолоох ыалларга уонна эрдэ (12 нэдиэлэ иннинэ) учуокка турбут хат дьахталларга бэриллэр. Биир киһиэхэ тиксэр орто дохуот эрэгийиэннээҕи тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн үрдүө суохтаах.
Төлөбүрү ыларга “Госуслуги” сайт нөҥүө сайабылыанньа биэриэххитин, олорор сиргитинэн Элбэх функциялаах кииҥҥэ (МФЦ) эбэтэр Арассыыйа социальнай пуондатын клиеннэри хааччыйар офиһыгар эрийиэххитин сөп. Босуобуйа ананыытын быһаарыы сайабылыанньа киирбититтэн 10 үлэ күнүн иһигэр ылыллар.