Биэнсийэни кимнээх эрдэ ылыахтарай
Кулун тутар 7-9 күннэригэр биэнсийэлэрэ баан каартатыгар киирэр гражданнар бу ый 6 күнүгэр ылыахтара диэн РФ социальнай пуондатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Көһөрүү төрүөтэ – Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэринэн сибээстээн буолаары турар уһун өрөбүллэр.
Социальнай пуонда бэрэстэбиитэллэрэ бу күннэр өрөбүл күннэригэр түбэһэллэринэн, эрдэттэн төлүүр болдьох кулун тутар 7 уонна 9 күннэригэр түбэспит дьоҥҥо үп-харчы эрдэ ыытыллыаҕын чуолкайдаатылар. Онон харчы уһун өрөбүл иннинээҕи бүтэһик үлэ күнүгэр — кулун тутар 6 күнүгэр киириэҕэ.
Биэнсийэлээх киһи биэнсийэтин кытта социальнай пуондаттан атын төлөбүрдэри ылар буоллаҕына, кинилэр эмиэ эрдэ ыытыллыахтара — сайабылыанньа биэрэр эбэтэр ханна эмит билсэр ирдэммэт.
Кулун тутар бырааһынньыктарын иннинэ эрдэтээҥҥи биэнсийэ бары төлөбүргэ сыһыаннаах: страховой биэнсийэҕэ, кырдьаҕаһынан биэнсийэҕэ, инбэлииттэргэ, социальнай уонна мунньуллар биэнсийэҕэ.