Биэнсийэлээх мөлүйүөн аҥаарын биирдэ олордон ылыан сөп. Хайдах?
Мунньар биэнсийэҕэ быраабы 1967 сылга диэри төрөөбүт Арассыыйа олохтоохторо ылаллар, кинилэргэ үлэ биэрээччилэр 2014 сылга диэри усунуостан 6%-нын мунньар чааска ыыппыт буоллахтарына. Итини тэҥэ 2002 сылтан 2004 сылга диэри 1953-1966 с.т. эр дьоҥҥо уонна 1957-1966 с.т. дьахталларга мунньар биэнсийэ оҥоһуллубута. Бу кэмҥэ үлэ биэрээччилэр 2% кээмэйи ыыппыттара.
2014 сыл кэннэ үлэттэн булгуччулаах усунуоска мораторий киллэриллибитэ, оттон мунньар биэнсийэ “тоҥоруллубута”. Ол эрэн счету бэйэ баҕатынан эбэн иһиэххэ сөбө, холобур, ийэ хапытаалын көмөтүнэн.
Биир кэмнээх төлөбүрү мунньуллар биэнсийэ кээмэйэ ыйга федеральнай олох алын кээмэйиттэн (ПМП – прожиточный минимум пенсионера) 10%-тан тахсыбат буоллаҕына ылыахтарын сөп. Ол курдук, 2026 сылга ПМП 16 288 солк., оттон 10% сууматтан — 1628 солк. тэҥнэһэр. Ити 439 776 солк. мунньуллууга тэҥнэһэр. Мунньар счекка харчы аҕыйах буоллаҕына, тута биэриэхтэрэ. Элбэх буоллаҕына – бу сууманы ый ахсын үйэтин тухары төлүөхтэрэ.