Биэнсийэлээх харчытын тутан ылыахтарын сөп
Биэнсийэлээхтэр төлөбүрдэрин суумаларыгар уларыйыы тахсыбытын туһунан Арассыыйа социальнай пуондатыгар (СФР) түргэнник биллэрэрэ ирдэнэр. Ону оҥорботоххо, аһара элбэх төлөбүр ааҕыллан, төннөрүөххэ наада буолар.
Маннык түгэҥҥэ түбэспэт туһуттан тугу билиэххэ нааданый?
Ирдэбиллэр уонна содуллара
400 №-дээх Федеральнай сокуон 26 ыстатыйатынан, биэнсийэлээх киһи олорор сирин уларыппытын эбэтэр төлөбүр кээмэйигэр уларыйыылар тахсыбыттарын туһунан кэлэр үлэ күнүттэн хойутаабакка СФР-га биллэриэхтээх.
“Өскөтүн биэнсийэлээх бу туһунан биллэрбэтэҕинэ, СФР кэлин да билиэн сөп уонна аһара төлөммүтүн төннөрөр бырааптаах, ол иһигэр суут нөҥүө эмиэ”, — диэн ЕЮС (Европатааҕы юридическай сойуус) сүрүн юриһа Оксана Красовская иһитиннэрэр.
Ханнык төлөбүрдэр тустарынан?
Иждивенецтарга эбии төлөбүрдэр. Күнүскү үөрэххэ үөрэнэр эбэтэр сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго төлөбүр тохтуур; оҕо үлэҕэ киирдэҕинэ, үөрэҕиттэн уһулуннаҕына эбэтэр кэтэхтэн үөрэххэ көстөҕүнэ.
Хотугу надбавка. Уһук Хоту уонна онно тэҥнээх сирдэр олохтоохторугар быһыллыбыт төлөбүр эрэгийиэннээҕи кээписийиэҥҥэ тэҥнэнэн үрдүүр. Регионтан көһөн бардахха, бу эбии төлөбүр тохтотуллар, ол гынан баран ыстаас иһин эбии ааҕыы хаалыан сөп. Онон, биэнсийэлээх эбии төлөбүртэн биирин талыахтаах.
“Быраабыла быһыытынан, региональнай кээписийиэн үрдүк буолан, ону талаллар. Көһөн бардахха региональнай кээписийиэн сотуллар, оттон ыстаас иһин эбиллии оҥоһуллар. Ол аата эбии ааҕыы намтыыр. Онон СФР-га кэмигэр биллэрбэтэххэ, араастаһыыны төнүннэриэххэ наада”, — диэн Красовская Прайминтервьютугар быһаарда.
Региональнай эбиилэр. Кинилэри анааһын социальнай хааччыйыы уорганнарыгар ханнык баҕарар уларыйыы туһунан түргэнник биллэрэри ирдиир.
Биэнсийэ кээмэйигэр бу эрэ түгэннэр дьайбаттар. Иэстэрдээх буоллаххына, харчыны устан саҕалыыллар. Үксүгэр, төлөбүртэн 50% диэри, сорох түбэлтэҕэ 70% диэри тутуллуон сөп. Бу суут быһаарыытынан оҕо алименын төлөбүрүгэр уонна доруобуйаҕа хоромньуну төлөөһүҥҥэ сыһыаннаах.