Биэнсийэ ылааччылары муус устарга төлөбүр үрдээһинэ күүтэр
Социальнай биэнсийэни страховой биэнсийэни аныырга сөптөөх үлэ ыстааһа суох Арассыыйа олохтоохторо ылаллар. Бу төлөбүр I, II, III бөлөх инбэлииттэргэ, ол иһигэр инбэлиит-оҕолорго уонна иитимньилэрин сүтэрбиттэринэн биэнсийэ ылар дьоҥҥо ананар.
Индексация кэнниттэн орто төлөбүр 16 000 солкуобай кэриҥэ буолуоҕа. Сааһырбыттарынан биэнсийэлээхтэр 9424 солкуобайы ылыахтара. Инбэлиит-оҕолор уонна I бөлөх инбэлииттээх биирдиилээн дьон – 22 000 кэриҥэ солкуобайы.
Маны таһынан, гражданнар сорох категорияларыгар төлөбүрдэр муус устар 1 күнүттэн 6,8% үрдүөхтэрэ:
• ыҥырыынан сулууспалаабыт байыаннайдар;
• Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара;
• “Ленинград блокадатын олохтооҕо», “Төгүрүтүллүбүт Севастополь олохтооҕо”, “Төгүрүтүллүбүт Сталинград олохтооҕо” бэлиэлэринэн наҕараадаламмыттар;
• летчик-испытателлар уонна космонавтар;
• радиация эбэтэр техногеннай алдьархай сиэртибэлэрэ, уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ.
Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин муус устардааҕы үрдээһин 4 мөлүйүөнтэн тахса киһини таарыйыа диэн иһитиннэрдэ.
Манна эбэн эттэххэ, судаарыстыба төлөбүрдэрин уопсай суумата биэнсийэлээхтэр тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтаах. Тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, федеральнай тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 16 288 солкуобайга тэҥнэһэр (бу суума эрэгийиэннэргэ өссө элбэх буолуон сөп). Социальнай биэнсийэ ити таһымтан аллараа түстэҕинэ, гражданин араастаһыыны толуйар федеральнай эбии төлөбүрү ылыаҕа.