11.01.2025 | 10:00

Биэнсийэ туһунан

Биэнсийэ туһунан
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар.

Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар.

Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар.

РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:          

Холобур, үлэлии сылдьар биэнсиэйэлээх ыйдааҕы биэнсийэтэ – 19 тыһ. 527 солк. 94 харчы. Оттон кини үлэтиттэн тохтоон олорбута буоллар, ити биэнсийэтэ 36 тыһ. 351 солк. 59 харчы буолуохтааҕа. Дьэ, бу кэнники суумаҕа тирэҕирэн, 7,3 % индексация ааҕыллар. Ол аата, 36351,59 х 7,3 % = 2 653, 11. Тахсыбыт суума билигин ыла сылдьар биэнсийэтигэр эбиллэн (19 527,94 руб. + 2 653,11 руб.), илиитигэр 22 тыһ. 181 солк. 05 харчыны ылар буолар.

Өйдөөбүккүт курдук, индексация кээмэйэ төһө да дьоҥҥо барытыгар биир – 7,3 % буолбутун иһин, эбиллии кээмэйэ киһи аайы араас.

Оттон уопсай, түмүктээх биэнсийэтэ үлэттэн олоччу тохтоотоҕуна эрэ биллэ үрдүүр. Онтон салгыы билиҥҥи үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ курдук индексация быһыытынан эбиллэн иһиэхтээх.

Үлэттэн тохтоотоххо биэнсийэ төһө буоларын судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө Социальнай пуондаҕа ыйытык түһэрэн биитэр тустаах пуонда олохтоох салаатыгар сирэй тиийэн ыйыталаһыахха сөп.

Оттон үлэлээбэт биэнсийэлээххэ төһө эбиллэрин быһаарар судургу: билигин ыла сылдьар биэнсийэҕэ 7,3 % эптиҥ да, тахсар.

Олунньуттан федеральнай чэпчэтиини туһанааччылар ЕДВ-лара, социальнай өҥө нобуорун эбэтэр онно ананар көмө харчы кээмэйэ, көмүүгэ көрүллэр босуобуйа үрдүүрэ сабаҕаланар..

*Муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэни 14,7% үрдэтэри былаанныыллар.

*Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ хас сыл аайы атырдьах ыйын 1 күнүттэн ааспыт сыллааҕы хамнастарыттан ааҕыллан тахсар кээписийиэн учуоттанан, хаттаан ааҕыы оҥоһуллар.

От ыйын 1 күнүттэн биэнсийэлээхтэр QR-кодтаах электроннай дастабырыанньаны туһанар кыахтаныахтара. Кюар-куоду туһаныы булгуччулаах ирдэбилгэ киирбэт. Ким баҕалаах туһаныан сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
Ороһуоспа түүн
Сынньалаңңа | 11.01.2025 | 16:00
Ороһуоспа түүн
Дьыбардаах Дьыл оҕуһа хойуу туманынан сир ийэни бүрүйэр кэмигэр, тохсунньу обургу тоһуттар тымныылаах томороон түүнүгэр дьапталҕа муус анныгар эбэ барахсан оргууй уста сыппыта. Бу манна эбэ баарын, сыа хаар бүрүйэн, таһыччы мэлдьэһэр курдуга. Муус маңан киэң нэлэмэн киэли кытылыгар баар номнуо оһон эрэр ойбон туманы ыһа, оргууй буруолаан ыла-ыла, хараара...