21.04.2026 | 08:00 | Просмотров: 62

Биэнсийэ мунньуллуутун биирдэ олордон ылыы

Биэнсийэ мунньуллуутун биирдэ олордон ылыы
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйа социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаата эрэгийиэн олохтоохторугар биэнсийэҕэ мунньуллубут харчыны ылар быраабылалары уонна болдьохтору санатар. Өрөспүүбүлүкэ  олохтоохторугар сүрүн табыгастаах өрүтүнэн төлөбүр ыларга уопсай олохтоммут биэнсийэҕэ тахсар саастан биэс сыл эрдэ сайабылыанньа биэрэр кыах баара буолар. 2026 сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ 714 олохтооҕо биир кэмнээх төлөбүрү ылбыт.

Мунньуллубут харчыны ким, хаһан ылыан сөбүй?

Эр дьон 55 саастарыгар, оттон дьахталлар 50 саастарыгар төлөбүрү ылар бырааптаахтар. Маныаха хас да усулуобуйа толоруллуохтаах: биэнсийэ кээписийиэнэ толору; дьахталларга кырата 20 сыл, эр дьоҥҥо 25 сыл страховка ыстааһа; уонна Уһук хоту дойдуга кырата 15 сыл хотугу ыстаас эбэтэр 20 сыл манна тэҥнээх сиргэ үлэлээбит. Хотугу ыстаас суох буоллаҕына, 55 (дьахталлар) эбэтэр 60 (эр дьон) сааска сайабылыанньа биэриэххэ сөп.

Төлөбүр суумата уонна варианнара

Төлөбүр суумата биирдиилээн ааҕыллар уонна мунньуллубут харчыгыттан уонна сайабылыанньа биэрбит күнүттэн тутулуктаах. Харчыны ылар үс ньыма баар: биир кэмнээх төлөбүр — сууманы барытын биирдэ; биэнсийэ суһал төлөбүрэ — киһи болдьоҕун бэйэтэ быһаарар (ол эрээри 10 сылтан кыра буолбат). Бииргэ үбүлээһин бырагырааматыгар кыттыбыт, эбии усунуос киллэрбит, эбэтэр ийэ хапытаалыгар мунньууну ыыппыт дьоҥҥо ананар.

Мунньуллубут биэнсийэ диэн үйэ тухары ыйдааҕы төлөбүр.

Мунньуммут харчыҥ сууматын хайдах билиэххэ сөбүй

“Госуслуги” порталыгар тус сирэй счет выпискатыгар киирэн, мунньуллубут харчыҥ сууматын уонна ханна баарын (Социальнай пуондаҕа эбэтэр судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондатыгар) хаһан баҕарар бэрэбиэркэлиэххин сөп. Мунньубут харчыҥ судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондатыгар баар буоллаҕына, ол пуондаҕа быһаччы сибээстэһиэхтээххин. Страховой биэнсийэттэн уратыта диэн, биэнсийэҕэ мунньуллубут харчы нэһилиэстибэнэн бэриллиэн сөп.

Киһи төлөбүр ананыан иннинэ өллөҕүнэ, сокуоннай салҕааччылара харчыны ылыахтарын сөп. Онуоха киһи өлбүтүн кэннэ алта ый иһигэр СФР салаатыгар эбэтэр НПФ-га эрийиэхтээхтэр. Бары мунаахсыйар ыйытыыгытын СФР Саха сиринээҕи салаатыгар эрийэн биэриҥ: 8 800 100-00-01 (босхо).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Спорт нөҥүө олоххо тардыһыыны саҕар педагог
Сонуннар | 14.05.2026 | 10:25
Спорт нөҥүө олоххо тардыһыыны саҕар педагог
Дьокуускай куоракка доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах оскуоланы үгүс киһи 34 №-дээх оскуоланан билэр. Бу оскуола быйылгы үөрэх дьылыгар саҥа дьиэҕэ киирэн, билигин сурукка киирэр аата «Адаптивнай үөрэхтээһин комплекса» диэн. 
Учууталларын аатын үйэтитэн
Сонуннар | 18.05.2026 | 14:39
Учууталларын аатын үйэтитэн
“Бачча кыраһыабай дойдуга олорон сыыһа хаартыскаҕа түһэрэн, кэрэ көстүүлэри буортулуурбут сыыһа. Быраабыланы тутуһуҥ.”
Оскуоланы бүтэрээччилэр – үрүҥ баарыс аннынан
Сонуннар | 18.05.2026 | 10:16
Оскуоланы бүтэрээччилэр – үрүҥ баарыс аннынан
Ыам ыйын 18 күнүгэр бэлиэтэнэр аан дойдутааҕы Түмэл күнүн чэрчитинэн ааспыт субуотаҕа Саха түмэлигэр быйыл төрдүс сылын «Белые паруса» ураты тэрээһин ыытылынна.
Утуу-субуу үс бырааһынньык
Сонуннар | 19.05.2026 | 10:13
Утуу-субуу үс бырааһынньык
Саха сирин олохтоохторун ыам ыйын 21 күнүттэн ыам ыйын 25 күнүгэр диэри үс бэлиэ күн күүтэр: Ырыа күнэ, Сайылык күнэ уонна Оһуохай күнэ.