Биэнсийэҕэ тахсааччыттан сайабылыанньа ирдэммэт буолуоҕа
Итиннэ болдьоҕу иннинэ тахсар бырааптаах элбэх оҕолоох ийэлэргэ уонна инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр ананар биэнсийэ эмиэ киирсэр. Бу маны сэргээччи, ыйытааччы аҕыйаҕа суох. Онтубут, кырдьык, ханна тиийдэ?
Холобур, билигин биэнсийэлэнэр саастаахтарга Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар кырдьаҕаһынан биэнсийэ ананыан сөп диэн иһитиннэрии кэлэр. Оччотугар туһааннаах киһи электроннай сөбүлэҥи биэрдэҕинэ эрэ дьэ биэнсийэ ананарын билэҕит. Сорохтор ол уведомлениены күүппэккэ эрэ биэнсийэлэнэр саастара туолла да, хайаан да сайабылыанньа суруйаллар, дьэ, оччотугар Соцпуонда кинилэргэ кырдьаҕаһынан биэнсийэни аныыр. Болдьоҕу иннинэ биэнсийэлэнэр бырааптаах гражданнар эмиэ билиҥҥитэ Соцпуондаҕа сайабылыанньа суруйдахтарына эрэ биэнсийэлэрэ ааҕыллар.
Дьаһаллаах дьон биэнсийэлэнэр саастара туолуо бүтүн биэс сыл инниттэн докумуоннара төһө толорутун, ыстаастара тахсыһарын-суоҕун, туох эбии ирдэнэрин эрдэттэн ыйыталаспыт, ситэтэ суоҕун ситэрбит, быһааттарбыт буолаллар.
Уопсайынан, билигин да, кэнэҕэһин да, биэнсийэҕэ ирдэнэр баал, ыстаас тиийэрин-тиийбэтин эрдэттэн чопчулаһар ордук.
Парламент көрүүтүгэр киирэ илик
Дьиҥинэн, туһааннаах иһитиннэрии тиһигэр биэнсийэ ананарыгар ирдэнэр дааннай олоччу баар. Холобур, үлэ ыстааһа, биэнсийэ пуондатыгар төһөнү төлөөбүтэ эҥин. Дьэ, ол иһин, баар бэлэм дааннайы туһанан, кэлэр сылтан саҕалаан, биэнсийэҕэ тахсарга сайабылыанньа ирдэммэтин курдук федеральнай сокуона барыла оҥоһуллубута. Ол барылы РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ бэлэмнээн, киэҥ дьүүллэһиигэ таһаара сылдьыбыта.
Барыл билиҥитэ сокуон буола ылылларын ылылла илик. Баара эрэ дойду парламенын көрүүтүгэр киллэриэх иннинээҕи сөпсөһүннэриини, бэлэмнээһини бара сылдьар эбит. Ким наадыйбыт, сэргээбит дойду нормативнай аакталар бырайыактара тахсар порталыгар киирэн, ол бырайыагы көрүөн сөп.
*Бастаан дьүүллэһиигэ тахсарын саҕана, 2027 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киириэҕин курдук этэллэрэ. Ол эрээри аныаха диэри Госдуума көрүүтүгэр киирэ да илигин быһыытынан, эһиилгиттэн да буолбатаҕын иһин, ыраата барбакка олоххо киирэр чинчилээх.
Билигин кимнээх, ханнык биэнсийэҕэ сайабылыанньаласпакка тахсалларый?
Билиҥҥитэ арай инбэлиитинэн социальнай уонна страховой биэнсийэҕэ тахсар уонна аһатар-хааччыйар киһилэрин сүтэрбит 18-гар диэри саастаах оҕоҕо ананар биэнсийэ (инбэлииттэр уонна нэһилиэнньэ федеральнай регистрыттан киирэр иһитиннэриигэ олоҕуран), сайабылыанньата суох быһа ананар. 2022 сылтан олоххо киирбит маннык дьаһаныы ордук табыгастааҕа быһаарыллан, аны кырдьаҕаһынан биэнсийэни оннук оҥорорго суоттаммыттара.
Бэлэмнэммит сокуон барыла ылыллар түгэнигэр, ол аата, сайабылыанньата суох быһа таһаарар буоллахтарына, СФР-а гражданин биэнсийэҕэ тахсар сааһа томтойо туолара 30 күн иннинэ гражданин цифровой историятын бэрэбиэркэлиир, наада түгэнигэр чопчулаһар, ситэрэр. Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар баар гражданин Тус кэбиниэтигэр биэнсийэ ананаары сылдьарын булгуччу иһитиннэрэр. Өскөтүн гражданин “туһааннаах кэмигэр биэнсийэлэммэппин, хойутаан тахсыам” диэн быһаарыммыт буоллаҕына, онтун СФР-га биллэриэхтээх. Биллэрбэтэ – биэнсийэтэ ананыахтаах кэмигэр ананар.
Сокуоннай болдьохтон хойутаан биэнсийэлэнии
Мантан сиэттэрэн, киһи бэйэтэ баҕарар түгэнигэр биэнсийэлэнэр сааһын уһаттарар кыахтааҕын санатар тоҕоостоох. Хас биирдии киһи кэмигэр эбэтэр арыый хойут тахсарын бэйэтэ эрэ быһаарар бырааптаах. Ылыахтаах биэнсийэлэрин улаатыннараары хойутаан тахсар гына дьаһанар дьон эмиэ баар. Тоҕо диэтэххэ, кэмигэр тахсыбакка хойутаан биэнсийэлэннэхтэринэ – биэнсийэлэрэ үрдүүр эбит.
Анатыахтаах кэмиттэн хойутаан тахсааччы биэнсийэтэ туох суотугар үрдүүрүй? Бастатан туран, Социальнай пуондаҕа төлөһөр усунуоһа биэнсийэ ылбакка сылдьар кэмигэр эбиллэн иһэр.
*Холобур, сыччах 1 да сыл хойутаан тахсар түгэҥҥэ биэнсийэни суоттаан таһааралларыгар туттуллар ИПК кээписийиэнэ 1,07 буолар, биэнсийэ уларыйбат (фиксированнай) төлөбүрүн кээмэйин кээписийиэнэ 1,056 тэҥнэһэр. Ити курдук, кээписийиэр сыллата үрдээн иһэллэр.
*Оттон өскөтүн киһи 5 сыл хойутаан биэнсийэ анатарга быһаардаҕына, ити этиллибит кээпсийиэннэрэ туһааннааҕынан, 1,45 уонна 1,36 буола үрдүүллэр.
*Биэнсийэлэнэр сааһы муҥутаан элбээбитэ 10 сылынан хойутатыахха сөп эбит. Оччотугар ити этиллэр кэписийиэннэр туһааннааҕынан олох даҕаны 2,32 уонна 2,11 буолар. Ол түмүгэр киниэхэ ананар биэнсийэ икки бүк улаатар.
Биэнсийэ кээмэйин суоттаан таһаарарга анал формула туттуллар. Ол формулаҕа ити үөһэ ааттаммыт кээписийиэннэри туһаналлар.
Манна сыһыаран, биэнсийэ фиксированнай төлөбүрэ диэн баарын бэлиэтээн ааһыым. Ол кээмэйэ кээписийиэнтэн сэдиптээн сыллата үрдээн иһэр. Холобур, 2024 сыллааҕы фиксированнай төлөбүр 8 134,88 солк. этэ, быйыл ол 9 584,69 солк. тэҥнэһэр. Эһиил тахсааччыларга 9 968 солк. буолара сабаҕаланар. 2030 сылга тиийэн быһа холуйан, 11-12 тыһ. солк. гынарга суоттаналлар. 80 саастарын туоллахтарына кырдьаҕастар биэнсийэлэрэ үрдүүрүн билэҕит. Ол үрдээһин кинилэргэ фиксированнай төлөбүр кээмэйин икки бүк үрдэтэллэриттэн тахсар.
Хойутаан биэнсийэҕэ тахсааччыга сыһыаннаан маннык холобуру биэрбиттэр. Үлэһит, холобур, 150 биэнсийэ бааллаах эбит. Мантынан кини 2026 сылга биэнсийэҕэ таҕыстаҕына, ыйга 33 тыһ. солк. биэнсийэлэнэр. Оттон 10 сылынан таҕыстаҕына, биэнсийэтэ 75 тыһ. солк. буолар.
Ол да эрээри бу уон сыл тухары солкуобай суолтата уларыйан, инфляция той-мой буолан, түмүгэр төһө барыһырарыҥ – туһугар боппуруос. Сүрүнэ, этэргэ дылы, ол кэмҥэ тиийиэм эрэ тиийимиэм? Биэнсийэлэммэккэ олохтон туораабыттар суох буолбатахтар.
Сахалыы толкуйдаатахха, биэнсийэ аахтарар кэми уһатыы “эһиилги бил баһын мин сиэм” диэбиккэ тэҥнээх. Иккис өттүттэн “кто не рискует, тот не пьет шампанское” диэн эмиэ баар. Чэ, 1-2 сыл буоллун даҕаны, оттон уон сыл? Быһата, быһаарыныах иннинэ сэттэтэ толкуйдаабыт, эрдэттэн чопчуласпыт көнө. Биэнсийэ үрдүүрүн, дьиҥэ, ким сириэй?