Биэнсийэҕэ дьүөрэ төлөбүр былыр да баара
Ол курдук, кинээс бэйэтин буойуннара кырдьар-бохтор түгэннэригэр эбэтэр кыргыһыыга бааһырдахтарына, кинилэргэ көмөлөһөр эбээһинэстээҕэ.
Ол өйөбүлэ диэн – сүрүннээн, босхо сири эбэтэр поместьены биэрии буолара.
Оттон Петр Первэй бастаан Нуучча флотун үрдүк чыыннарыгар харчынан көмөнү (биэнсийэ курдугу) оҥорууну олоххо киллэрбит.
Екатерина Вторая биэнсийэнэн хааччыйыы чааһыгар бастакы хардыыны оҥорбута суруллар. Ол эрээри кини бэйэтэ да, уола Павел Петрович да ыраахтааҕылаабыт кэмигэр син-биир бары чыыннар буолбакка, биирдиилээн, талыллыбыт дьон итинник өйөбүлү туһаналллара. Онуоха аармыйаҕа, флокка эбэтэр судаарыстыбаннай сулууспалаах быһыытынан төһө эрэллээхтик сулууспалаабыта булгуччу учуоттанара.
18-с үйэ бүтүүтэ “үлэ ыстааһа” уонна “выслуга” диэн өйдөбүллэр сыыйа-баайа киирэн испиттэр. Ол да буоллар, 19-с үйэҕэ киирбит биэнсийэ сокуонунан, син биир биирдиилээн дьоҥҥо эрэ эбии төлөбүр оҥоһуллара.
Арай ССРС саҕана эрэ биэнсийэнэн хааччыйыыга балысхан уонна туһалаах уларыйыылар, эбиилэр киирбиттэрэ.
Иитэн-аһатан олорор киһи олохтон туораатаҕына кини оҕолоругар “по случаю потери кормильца” биэнсийэ ананар буолбута. Сэриигэ бааһырбыттарга, эчэйбиттэргэ “надбавка” эбиллэр буолбута уо.д.а.
1956 с. “Судаарыстыба биэнсийэлэрин туһунан” ылыллыбыт сокуон Сойуус ыһыллыар диэри бэркэ үлэлээн, биэнсийэ төлөбүрүн тиһигэ олохтоммута.
Үс көрүҥ төлөбүр баара: кырдьаҕаһынан, иитэр киһитин сүтэрбитинэн биэнсийэ уонна инбэлиит биэнсийэтэ. Дьахталлар, эр дьон биэнсийэҕэ тахсар саастара чопчуламмыта, кэккэ көрүҥ идэлээхтэргэ туһунан, эрдэ биэнсийэҕэ тахсар саас олохтоммута, килиимэт уратыта, үлэ уустуга, доруобуйаҕа буортута учуоттанар буолбута. Үгүс дойдуларга тэҥнээтэххэ, биэнсийэҕэ тахсар саас быдан намыһах этэ.
Дьэ, оттон 90-с сылларга биэнсийэ эйгэтигэр реформа саҕаламмыта. 2018 с. күһүнүттэн биэнсийэ тиһигин тупсарабыт диэн ааттаан, букатын да биэнсийэлэнэр сааһы 5 сыл уһатан биэрбиттэрин билэҕит.
Биэнсийэлэнэр саас үрдээн биэриитэ тута буолбакка сыыйа үрдэтиллибитэ. Хата, Саха сирин олохтоохторо Арассыыйа атын сылаас эрэгийиэннэрин олохтоохторуттан 5 сыл эрдэлээн тахсаллара оннунан хаалбыта. 2 оҕоттон элбэх оҕолоох ийэлэр 50 саастарыгар тахсалларын эмиэ билэҕит.
Билиҥҥи биэнсийэҕэ үс суол чахчы дьайар: хамнаһыҥ кээмэйэ, биэнсийэлэнэр саас уонна ыстаас.