Биһик ырыата
Бу ырыаны истибэтэх, сүрэҕин түгэҕэр сөҥөрбөтөх, ийэтин санаабатах киһи суоҕа буолуо. Ааптар Александр Дмитриев-Чүмэчи олус да нарын, истиҥ ырыаны суруйан хаалларбыт.
Аан дойдутааҕы Дьахтар күнүнэн «Киин куорат» ааҕааччыларыттан оҕо сылдьан ийэлэрэ ханнык ырыанан бигээн утутарын, ийэ, эбээ буолан баран оҕолоругар, сиэннэригэр ханнык ырыаны ыллаабыттарын, ыллыылларын ыйыталаста.
Манна даҕатан эттэххэ, биир бэйэм оҕолорбор ханнык ырыаны ыллаабыппын бу диэн өйдөөбөппүн, уларыта сылдьар быһыылаах этим, остуоруйа кэпсиирим, онтон сиэннэнэн баран биир кыыс сиэммэр, итэҕэйиэххит да, таайыаххыт да суоҕа буоллар, “По Дону гуляет” диэн биһик ырыалаах этим. Оҕом билигин сэттэлээх, биирдэ эмит хоно кэллэҕинэ: “Эбээ, “По Дону гуляет” ыллаа, көхсүбүн тарбаа”, – диэн баран эргийэн хаалар. Дьиибэтэ диэн, бу ырыаны тыллана да илигинэ ыллыырым, онтум кэнники барытын нойосуус билэн ыллаабытыгар сөхпүтүм. Оҕо иһигэр барытын хатыы, өйдүү сылдьар буолар эбит.
Дария Васильева, Уус Алдан олохтооҕо:
– Ийэм ыллыырын өйдөөбөппүн. Аҕам утуйаары сыттахпына кэлэн сүүспүттэн сыллаан ылара уонна “үчүгэйдик утуйаар” диэн барара. Улахан убайым Борис, билигин Ньурба тыйаатырын норуодунай артыыһа, уруһуйдаабыт куобаҕын көрө сытан утуйарым. Оруобуна түннүгүнэн ый тыгар, утуйаары сытар наһаа үчүгэйдик уруһуйдаммыт куобах этэ.
Икки кыыспар сахалыы наҕыл ырыаны ыллыы сатааччыбын. Улааппыттарын кэннэ үксүн остуоруйа ааҕарым, кэпсиирим. Билигин сиэннэрбэр эмиэ ыллыыбын, остуоруйалыыбын. Оҕо остуоруйа эбэтэр ырыа иһиттэҕинэ, санаабар, ордук түргэнник утуйар курдук.
Сахаайа, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Мин бу диэн ийэм ыллыырын өйдөөбөппүн, оттон оҕолорбор билэрдии сахалыы урукку ырыалары ыллыыр этим, ону таһынан “Спокойной ночи, малыши” уонна “В лесу родилась елочка” диэннэри.
Кыра эрдэхтэринэ утуйан биэрбэттэр этэ, сороҕор туох баар билэр-билбэт ырыабын барытын ыллаан, таптайан, олорон эрэ хачайдаан, көтөҕөн баран хаама сылдьан бигээн утутарым. Быһа холоон икки саастарыттан дьэ үчүгэйдик утуйар буолбуттара.
Тамара Винокурова, Дьокуускай куорат:
– Биһиги төрөппүттэрбит үлэттэн ордон кимиэхэ да биһик ырыатын ыллаан утутар кыахтара суоҕа. Бэйэм ыал кыра оҕото буолан аҕа саастаах эдьиийдэрим, убайым көрүүлэригэр улааппытым. Элбэх оҕолоох ыалга оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөрө. Арай аҕам хотуурун таптайа эбэтэр кыраабылын оҥоро олорон куруук биир ырыаны сүрдээх истиҥник киҥинэйэн ыллыыра. Ол Сэргэй Зверев “Сарсын, сарсын, сарсыарда” диэн ырыата этэ.
Улахан сиэннэрбэр “Спят усталые игрушки” ыллыыр этим. Билигин кырачаан, икки сааһыгар барбыт сиэним уол утуйарыгар саамай сөбүлээн истэр ырыата “На Муромской дорожке” диэн. Сороҕор “Илиибэр эн илииҥ баар курдук, “Билинии”, “Күһүҥҥү ырыа” диэн норуокка киэҥник биллэр, олус наҕыл, бытаан ырыалары ыллыыбын.
Кыыһым, билигин түөрт оҕо күн-күбэй ийэтэ, кыра эрдэҕинэ утутарбар эбэһээт остуоруйа ааҕарым. Алын кылааска эрдэҕинэ нуучча классиктарын кэпсээннэрин. Дьиэбитигэр араас элбэх кинигэлээх этибит. Биирдэ В.Г. Короленко “Дети подземелья” кэпсээнигэр Маруся өлөр түгэнин ааҕан баран, иккиэн дэлби ытаан баран утуйан турардаахпыт. Сөптөөх ырыа оҕону уоскутар, сынньатар, эмтиир да кыахтаах дии саныыбын.
Альбина Васильевна Ушницкая, дьоллоох Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр, Кыайыы болуоссатын аттыгар олорор:
– Аҕам төрөөбүтүм кэннэ 15 хонон баран ыалдьан күн сириттэн күрэммит. Ийэм ыллыырын уу ньирэй оҕо буолан өйдөөбөппүн. Алта оҕоҕо соҕотох хаалбыт буолан кэтэх хотоно, уопсай хотоно, дьиэ ис-тас үлэтэ – барытын бэйэтэ көрөрө.
Бэйэм оҕолорбор урукку кэмнээҕи саймаархай, намыын ырыалары ыллыырым. Оҕолорум оруобуна киэһэ 9 чааска сытар эрэсиимнээх этилэр. Мин тэлэбиисэр көрө-көрө таҥас өтүүктүүрүм. Оҕо эрэсиимҥэ үөрэннэҕинэ, бэйэтэ сытан утуйар.
Оксана Саввинова, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Мин 80-90-с сыллаах оҕо буоллаҕым, оннук ыллаан-туойан, биһиктээн утуталларын бу диэн өйдөөбөппүн. Ол оннугар ийэм остуоруйа кэпсиирэ, “күөх бородалаах оҕонньор” туһунан. Ону билигин да өйдүүбүн.
Бастакы оҕобор, уолбар, ордук Байбал Сэмэнэп “Түүн буолла доҕоруом, эн утуй күүскэ, ааспыт үөрүүлэргин түүл гынан” диэн “Киэһээҥҥи ырыатын” ыллыырым. Күүтүүлээх кыысчааным төрөөбүтүгэр “Мантан ордук туох баарый, күн сиригэр, оҕобун кууһаммын олорорум” диэн Ый Кыыһа киэҥник биллэр ырыатынынан таптаан, бүөбэйдээн утутааччым.
Оҕону утутар кэм хас биирдии ийэҕэ туһунан сиэр-туом. Эрэһиими тутуһабыт, оҕо утуйар чааһын билиэхтээх. Оччоҕо ийэтин да, бэйэтин да эрэйдээбэккэ утуйар. Мин оҕолорбун кытта аттыларыгар сытыһан остуоруйалаан, сыллаан-кууһан утутабын.
Оттон эһиги, ааҕааччылар, ханнык биһик ырыатын ыллыыргытын эбэтэр ийэҕит ыллаабытын үллэстиэххит буолаарай?