Биһиги ытык иэспит
Мин эбэм Акимова Варвара Кирилловна – үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Сунтаар улууhун Кутана нэhилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Сунтаар улууhун Бочуоттаах бэтэрээнэ, 92 саастаах, “Ытык саас” бэлиэ хаhаайката.
Кини 1932 сыллаахха Күүкэй нэhилиэгэр, 1 Маай холкуоска Акимовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. Ыал улахан оҕото. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр оскуолаҕа үөрэммит. Күhүн, үөрэнэн бүтэн баран, Күүкэй арыытыгар киирэн хортуоппуй хостууллар эбит. Дьиэлэриттэн ыhык дуома уктан кэлэллэр, онно эбии хортуоска буhаран биэрэллэрэ. Күhүҥҥү өттүгэр суоллара эргийэ барар буолан, ыраах хаамаллара. Дьиэлэригэр олох хойут кэлэллэрэ. Кыhын тымныыга, ыраахтан хааман кэлэн, сарсыарда оскуола оhоҕор иттэллэрэ. Тоҥор ахан эбиттэр. Билигин санаан көрдөххө, сүрдээх усулуобуйаҕа үөрэммиттэр. Алаас аайыттан аргыстаhан, ааhан истэхтэринэ тахсан, бары бииргэ сүүрэн, куоталаhан, оскуолаларыгар элбэх буолан тиийэллэрэ. Эрдэ туран 8-9 биэрэстэлээх сиртэн хаамаллара, үрэхтэри, күөлү кэрии ыалларынан эргийэн сылдьаллара. Сэрии буолбатаҕа буоллар, мин эбэм салгыы үөрэниэхтээҕэ хааллаҕа. Ол да буоллар, үс кылааhы бүтэрэн, чиҥ билиини ылбыт. Билигин да иллэҥ кэмигэр кинигэни, хаhыаты холкутук ааҕар, сурук да суруйар, суоту да суоттуур, дуобаттыыр, хаартылыыр.
Мин эбэм уонна кини саастыылаахтара – сэрии сылларын оҕолоро. Кинилэр сэрии кэмигэр биhиги саҕа саастаах эбиттэр. Биһиги курдук оонньооботохтор, куруук улахан дьону кытта холкуос ыарахан үлэтигэр үлэлээбиттэр. Аччыктыыр кыһалҕаны эттэринэн-хааннарынан билбиттэр. Бу оҕолор сэрии кэмигэр хара сарсыардаттан киэhээҥҥэ диэри саас ыhыыга оҕус сиэтэн, буола хорутуутугар, бааhынаҕа бурдук ыhыытыгар үлэлээбиттэр. Сайын улахан дьону кытта от оттоhон, ыhык таhан, холкуос үлэтигэр баhаам көмөнү оҥорбуттар.
Сэрии сылларыгар улахан кураан туран, сири-дойдуну аhыҥа буулуур, ону кытта охсуhааччы — оҕолор. Сайыны супту холкуос үүнээйитин көрөр-харайар эмиэ кинилэр. Күhүн хортуоппуй хостооhуна, бурдук быhыыта, түүтэхтээhинэ, оҕуруот аhын хомуйааhына барыта оҕолор көмөлөрүнэн буоллаҕа. Чахчы, сэрии сэрии кэмин оҕолоро олох ыараханын эттэринэн-хааннарынан биллэхтэрэ. Оҕо оҕо курдук оонньообокко, оҕо саастарын аhардахтара. Кинилэргэ сүгүрүйэр, махтанар биhиги ытык иэспит буолар.
Сэрии киһиэхэ куһаҕаны, алдьархайы эрэ аҕалар. Сэрии диэн иэдээн. Биһиги, оҕолор, сэрии туһунан киинэлэри көрөн, кинигэлэри, ахтыылары ааҕан, кырдьаҕас дьон кэпсээнин истэн эрэ билэбит. Биһиги билиҥҥи сайдыылаах олохпут туһугар сырдык тыыннарын толук уурбут буойуннары, бэтэрээннэри мэлдьи кэриэстиир, ахтан ааһар ытык иэспит буолар. Кинилэр сырдык ааттарыгар мэлдьи сүгүрүйүөхтээхпит. Кинилэр ааттара, хорсун быһыылара хаһан да умнуллуо суоҕа.
Сэрии хаһан да буолбатын. Сир үрдүгэр мэлдьи эйэ эрэ баар буоллун.
Т. Иванова, 4 «В» кылаас үөрэнээччитэ