Бэйэ дьыалатын арыйааччыларга аналлаах бырайыак
Бырагыраама 50 саастарын ааспыт дьон урбааҥҥа көҕүлээһиннэрин өйүүр сыаллаах. Куонкурус сүүмэрдээһинигэр араас улуустан уонна Дьокуускайтан 117 сайаапка киирбититтэн, 20 киһи ааспыт. Кыайыылаах 150 тыһ. солк. грант ылар.
Аччыгый уонна дьоҕус урбааны өйүүр миэрэлэр «Эффективная и конкурентная экономика» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллаллар.
Бэйэ дьыалатын саҕалыырга санаммыт урбаанньыттар билигин күүстээх үөрэҕи ааһа сылдьаллар. Сэтинньи 30 күнүгэр кытааччылар бырайыактарын экспертэр иннилэригэр көмүскүөхтэрэ.
Бэлэмнэнэ сылдьар бырайыактарга сахалыы оҕо кинигэлэрин таһаарыы, аҕам саастаахтарга йога дьарыктарын тэрийии, полиграфия өҥөтө, видеоконтент устар креативнай устуудьуйа, илиинэн оҥоһук студията, саха сылгытын этиттэн ас бэлэмнээһин, сахалыы таҥаһы тигии бааллар.
Тэрийээччилэр — «Мой бизнес» урбааны өйүүр киин.
Бэйэ дьыалатын саҕалааччыларга ханнык өйөбүл баарын, куонкурустар тустарынан информацияны Мойбизнес14.рф порталга, «Мой бизнес» киин социальнай ситимнэригэр, быһа линияҕа эрийэн билсиэххэ сөп: 8 (800) 100-58-80.