Бэйэ дьарыктаах больничнай төлөтүөн баҕардаҕына
Бу маннык миэрэни 2026-2028 сс. пилотнай бырайыак, эксперимент быһыытынан олоххо киллэрэргэ суоттаналлар эбит. Ол туһунан сокуон барыла билиҥҥитэ Госдуумаҕа бастакы ааҕыыны ааспыт.
Сокуон олоххо киирдэҕинэ, бэйэ дьарыктаах Социальнай пуонда саайтыгар эбэтэр офиһыгар тиийэн, биитэр Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар, эбэтэр «Мои документы» сыһыарыыга регистрацияланыан наада.
Сыллааҕы муҥутуур элбэх босуобуйа кээмэйэ – 35 тыһ. солк. эбэтэр 50 тыһ. солк. буолара сабаҕаланар.
Ол кэнниттэн ый аайы ити икки сууматтан талбыт кээмэйин 3,84 % пуондаҕа төлүөхтээх (ол 1,3 тыһ. эбэтэр 1,9 тыһ. солк. буолар). Ким кыахтаах сыллааҕыны тута да төлөһүөн сөп.
Манна кимнээх хапсыахтарын сөбүй?
– бу дьарыктарыттан эрэ дохуоттанар бэйэ дьарыктаах дьон;
– НПД төлүүр биирдиилээн урбаанньыттар;
Ханнык түгэҥҥэ маннык үп төлөнүөй?
- ыарыйдахха эбэтэр эчэйдэххэ;
- дьиэ кэргэн ыалдьыбыт киһитин көрөргө-харайарга;
- харантыын кэмигэр, ол иһигэр оҕо дьыссаата харантыыҥҥа баран үлэлээбэт түгэнигэр;
- тиис протеһын оҥорторорго;
- балыыһа кэнниттэн салгыы сонотуоруйга эмтэнэр буоллахха;
Дьаһаныы бэрээдэгэ
Эмп тэрилтэтэ больничнай толорбутун кэнниттэн 6 ый иһинэн бэйэ дьарыктаах Социальнай пуондаҕа быстах кэмҥэ үлэлээбэккэ олорбутун иһин төлөбүрү ирдэһэр сайабылыанньаны туттарыахтаах. Официальнай саайты туһанан эбэтэр пуондаҕа сирэй тиийэн. Ол кэнниттэн 10 үлэ күнүн иһинэн анаммыт босуобуйаны кини бааҥҥа баар счетугар ыытыахтаахтар.
Төлөбүр хайдах ааҕыллыай?
Босуобуйаны ылар гына бэйэ дьарыктаах ити иннинэ, кырата, 6 ый, пуондаҕа усунуоһун төлөөбүт буолуохтаах. Оччотугар ылыан сөп төлөбүрэ страховой суума 70 % саҕа буолуон сөп. Оттон сыл устата бэлиэр төлөспүт буоллаҕына, ити кээмэй 100 % буолар.
Оросчуокка үлэлээбит ыстааһы эмиэ көрөллөр:
- 5 сылтан кыра буоллаҕына – орто хамнас 60 %;
- 5-тэн 8 сылга диэри – 80 %;
- 8 сылтан уһуннук үлэлээбиттэргэ – 100 %.
Ону «Объясняем. Ру» маннык холобурдаабыт:
Бэйэ дьарыктаах, оонньоон, страховой сууматын 35 тыһ. солк. талан, сыл устата олоччу төлөөн бүтэрбит (100%), оттон страховой ыстааһа 5-8 сыл (80%) буоллун. Оччотугар 35 000х100%х80% =28 000.
Бачча харчы наада дуу, суох дуу, бэйэҥ толкуйдаа.