Бэйэ быраабын билэр, туруулаһар киһи сүүйүүлээх хаалар эбит!
Бу сырыыга тугу сэргии, сөҕө аахтым диэҥ? Үллэстиим. Баҕар, кимиэхэ эмэ туһалыа.
Биир киһи Nissan диэн, этэргэ дылы, буруолаабытынан сылдьар, саҥа массыынаны атыыласпыт уонна массыына дипиэктээх оҥоһуллубутун быһыытынан, массыына бэйэтин сыанатыттан икки бүк... үрдүк сыананы, суут нөҥүө өҕүтэн ылбыт!
Аны, саамай дьиктитэ, дипиэгэ да диэн – кузовыгар баар быыкаа хайа барыы (трещинка) эбит. Ол туһуттан, буолаары буолан, хас да сыл тимир көлөнү сүүрдэн туһанан, баран, хас эрэ сыл буолаат, массыынаны төнүннэрэн баран, түөрт төгүл сыананы төттөрү ылыы – туос албын, омуннаах кэпсээн тэҥэ буолуох курдук. Ону баара, ол киһи итинник эмиэ буолуон сөбүн дакаастаан, бэркэ диэн барыһырбыт. Ол хайдах?
2022 сыл сайыныгар гражданин Б. 2 мөл. солк. сыаналаах саҥа Nissan Terrano массыынаны ылыммыт. Тимир көлөҕө бэриллэр мэктиэ (гарантия) 3 сыл эбэтэр 100 тыһ. км сүүрүөххэ диэри дьайар эбит.
Сыл сүүрдүбүтүн кэнниттэн били кузовыгар хайдыы баарын көрөн, атыылаабыт дилергэ тиийэн көрдөрбүт. Анараалар ый устата массыынаны өрөмүөннээн, оҥорон баран, хаһаайыҥҥа төрүннэрбиттэр.
Пахай, сыл курдук буолаат, били хайдыы эмиэ баар буолбут. Массыына хаҥас эҥээригэр, крыша уонна кузов ойоҕос панелын лаа-кырааска бүрүөһүнүн герметигэр хайдыы суола көстөн тахсыбыт. Дилер бэрэбиэркэлээн баран, производственнай алҕас диэн билиммит. Гражданин бу сырыыга массыына өрөмүөннэнэрин күүтүөн баҕарбатын биллэрэн, тимир көлөнү оҥорон таһаарааччыга претензия суруйбут уонна төлөөбүт харчытын төнүннэрэллэригэр туруорсубут. Дилер бу хайдыыны көннөрөр кыах баар диэн матыыптаан, туруорсуурну ылымматах. Онуоха Б. суукка үҥсүспүт. Суут тугу быһаарбыта буолуой?
Бастаан утаа бу хайдыы чопчу бастааҥҥы сырыыга баар алдьаныы этэ дуо диэн ыйытыгы быһаарарга ылсыбыттар. Тоҕо диэтэххэ, дилер бу алдьаныыны аан бастакытын көрдөрдө, бу хайдыы баар сиригэр эрдэ өрөмүөннэммит сибики көстүбэт, атын сиринэн алдьаныы диэн турбут. Ол эбэтэр, хаттаан хайдыы буолбатах диир эбит.
Оттон гражданин иккистээн өрөмүөннэтиитэ буоларын дакаастаабыт. Кини суукка массыынатын бастакы өрөмүөҥҥэ туттарыан иннинэ маастардыын кэпсэтиини устубутун (запись) аҕалбыт уонна герметигы туһаналларын туһунан дилер докумуоннарын, көмпүүтэр тиһигин дааннайдарын туттарбыт. Инньэ гынан, экспертиза ыытыллыбыт. Ол түмүгэ эмиэ бу иннинэ массыына кузова өрөмүөннэммитин, ол түмүгэр хаҥас өттө өрөмүөннэммэтэх уҥа эҥээртэн лаппа халыҥ лаахтааҕын туоһулаабыт. Хайдыы чуо ол халыҥ лаахтаах сиринэн үөскээбитэ бигэргэммит.
Ол түмүгэр суут Nissan оҥорон таһаарааччы дипиэктээх массыынаны бэйэтин күүһүнэн уонна бэйэтин үбүнэн массыынаны төттөрү ыларыгар уураахтаабыт. Ону таһынан оҥорооччу гражданиҥҥа массыына оччотооҕу сууматын – 2 мөл. солк. төнүннэригэр, онно эбии итинник мааркалаах массыына билигин атыыланар сууматын араастаһыытын – 815 тыһ солк. төлүүрүгэр быһаарбыт. Эспэртиисэ 2 мөл. 815 тыһ. диэн быһаарбыт.
Бээ, төлөбүр итинэн бүппэтэх
Аны, гражданин бу массыынатын автокирэдьиит ылан туран, атыыласпыт эбит. Онон суут гражданин ити иэс бырыһыанын төлүүрүгэр ыыппыт 32 тыһ. солк. кытта неустойканы, потребительскай ыстыраабы уонна госпошлинаны олоччу төлөтөргө уурбут. Ол түмүгэр уопсайа дипиэктээх массыынаны оҥорооччу, суут быһаарыыта олохххо киириэр диэри ааҕыллар неустойканы аахпакка туран, 8,4 мөл. солк. төлүүр буолбут.
Биллэн турар, массыынаны оҥорон таһаарааччы суут быһаарыытын утарсар икс түһэрбит. Ити гынан баран, ол да түмүгэр неустойканы 1 мөлүйүөҥҥэ эрэ диэри, оттон ыстыраабы 500 тыһ. солк. диэри түһэрбиттэр. Ол да үрдүнэн, гражданин туһатыгар бүтэр уһугар син 4,5 мөл. солк. төлөнөр буолбут. Кассация 88-14263/2026 нүөмэрдээх дьыала Үһүс КСОЮ-тун быһаарыытын күүһүгэр хаалларбыт.
Дьэ, хайдаҕый?! Биһиэхэ итинник аахсан, сууттаһан туран, төлөммүт харчыттан үгүөрү үбү төттөрү аахтаран ылбыт дьон бааллара дуу? Саарбах. Оттон ким эрэ, дьиҥ быраабын билэр киһи, хайдаҕын да иһин, кырдьыгын булан тэйэр эбит. Сөп ээ.