01.09.2025 | 22:53 | Просмотров: 154

Бэйдиэ ыттары тутуу үлэтэ күүһүрэр

Бэйдиэ ыттары тутуу үлэтэ күүһүрэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Даача сезона бүтэригэр, куорат устун бэйдиэ сылдьар ыт элбиирэ, хомойуох иһин, баар көстүү. Онон сиэттэрэн Дьокуускайга көрүүтэ-истиитэ суох бэйдиэ сылдьар ыттары тутуу үлэтэ күүһүрдүллэр. Көҥүл сылдьар ыттар, баччаларга, үөрэх дьыла саҕаланар буолан, оҕолорго ордук кутталы үөскэтэллэр.

Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатын баһылыгын хаһаайыстыбаннай боппуруостарга солбуйааччы Владислав Слепцов иһитиннэрбитинэн, ааспыт нэдиэлэҕэ номнуо 19 ыты туппуттар.

«Бүгүҥҥү туругунан, бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга биэс биригээдэ үлэлиир. Балаҕан ыйын 1 күнүн көрсө бу үлэ күүһүрдүллэн турар. Билигин даача сезона түмүктэнэн эрэр, ону батыһа бэйдиэ ыт элбээн иһэрэ күүтүллэр. Мин куорат олохтоохторун бу боппуруоска эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарга, ыттарын хаһаайына суох көҥүл дьаарбата ыыппаттарыгар ыҥырабын. Күннэтэ ыты тутууга ыстааптар үлэлииллэр. Салайар территориятааҕы уорганнар Дьокуускай куорат бэтэринэриийэтин кытта күн аайы эриэйдэлиир тэрээһиннэри ыыталлар, ол түмүгүнэн “самовыгул” боротокуоллара толоруллаллар, кыылга эппиэтинэстээх сыһыан памяткалалара түҥэтиллэллэр», – диэн Владислав Слепцов мэрия пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдэ.

Куорат олохтоохторун бэйдиэ сылдьар, эбэтэр көҥүл көччүтэ ыытыллыбыт ыт баарын биллэххитинэ, 44-42-29 нүөмэринэн Кэлим дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспаҕа (ЕДДС) иһитиннэрэргитин күүтэллэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.