21.04.2026 | 16:00 | Просмотров: 115

Бэтэрээннэр уонна блокада кыттыылаахтара босхо көтөр кыахтаныахтара

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 81 сылын көрсө «Аэрофлот» уонна «Якутия» авиахампаанньалар үгэс буолбут үтүө дьыалаларын саҕалаатылар.
Бэтэрээннэр уонна блокада кыттыылаахтара босхо көтөр кыахтаныахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аахсыйанан Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ, Ленинград блокадатын кыттыылаахтара уонна урут концлааҕыр сокуоннай сааһын ситэ илик хаайыылаахтара, Балтияҕа уонна Грузияҕа олорор дьон хабыллаллар. Билиэттэри муус устар 20 күнүттэн ыам ыйын 12 күнүгэр диэри атыылаһыахха сөп. Бу көтүүлэри “Аэрофлот” (“Россия”, “АйФлай” уонна “Аврора” кытта) оҥорор. Босхо билиэккэ биир арыаллааччы киирэр.

Арассыыйа ханнык баҕарар муннугун икки ардыгар, ону тэҥэ Арассыыйа уонна Азербайджан, Армения, Белоруссия, Кыргызстан, Казахстан уонна Узбекистан икки ардыларыгар көтөр кыах баар. Аахсыйа 2026 сыл бэс ыйын 3 күнүттэн 12 күнүгэр диэри оҥоһуллар.

Ону таһынан, бэтэрээннэр кэлэ-бара көтөргө (икки киһиэхэ) эбии сэртипикээт ылаллар, күннэрин биирдэ босхо уларытыахтарын сөп.

“Якутия” авиахампаанньа “Кыайыы күнэ” аахсыйа чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ иһигэр уонна Арассыыйа үрдүнэн былааннаммыт рейстэрэ кэлэ-бара босхо 2026 сыл муус устар 20 күнүттэн ыам ыйын 15 күнүгэр диэри оҥоһуллаллар. Арыаллыыр киһи 85% чэпчэтиилээх билиэти ылыан сөп. Билиэттэри агентство каассаларыгар дастабырыанньаларын көрдөрөн атыылаһыллар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.