11.06.2026 | 10:00 | Просмотров: 135

Бэс ыйын 12 күнүгэр “Сомоҕолоһуу сүүрүүтэ” полумарафон ыытыллар

Итинтэн сиэттэрэн, 7 – 16 ч диэри айан-сырыы бобуллар. Ханнык уулуссаларга?
Бэс ыйын 12 күнүгэр “Сомоҕолоһуу сүүрүүтэ”  полумарафон ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспатын ойуута
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 12 күнүгэр, Арассыыйа күнүгэр, Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи  “Сомоҕолоһуу сүүрүүтэ”  полумарафон ыытыллыа.

Мантан сиэттэрэн, сарсыарда 7 чаастан саҕалаан 16 ч диэри кэмҥэ бу маннык уулуссаларга сырыы-айан тохтотулларын иһитиннэрэбит:

1. Ленин бэрэспиэгэр – 39 №-дээх дьиэттэн  Хабаров уул. диэри кэрчигэ.

2. Дзержинскэй уул. – Орджоникидзе уулуссатыттан Ленин бэрэспиэгэр диэри.

3. Октябрьскай уул. – Орджоникидзе уулуссатыттан Ярославскай уул. диэри.

4.Киров уул. – Орджоникидзе уул. Аржаков аатынан уулуссаҕа диэри.

5. Короленко уул. –  Орджоникидзе уулуссаттан Ленин бэрэспиэгэр диэри.

6. Аммосов уул. – Орджоникидзе уулуссаттан Ярославскайга диэри.

7. Курашов уул. – Орджоникидзе уулуссаттан Ленин бэрэспиэгэр диэри.

Тимир көлөлөөхтөр, айанныах иннинэ маны учуоттаан, эрдэттэн былааннаан дьаһанаргытыгар сүбэлииллэр.

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.