Бэрээдэкпит туруга хайдаҕый?
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн суукка устата 2 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит.
Дьокуускай куоракка ыалдьыттар түһэр дьиэлиэригэр администраторынан үлэлиир дьахтар харчы оҥостоору «инвестициялыыбын» диэн, албыҥҥа үктэтэн, 354 тыһ. солк. сүтэрбит.
Нерюнгри оройуонугар биир киһи судаарыстыбаннай социальнай көмөнү оҥорор урбааны үлэлэтэрин туһунан сымыйа докумуоннары туттарбыта арыллан, сэмэҕэ тардыллыбыт.
Алдан оройуонугар бултуу сылдьан, сэрэҕэ суох дьаһаныыттан саанан дэҥнэммит 1981 сыллаах төрүөх эр киһини балыыһаҕа киллэрбиттэр.
Өлүөхүмэ оройуонугар «Усть-Белир» диэн сиргэ вездеход сууллан, 1978 сыллаах төрүөх эр киһи ылбыт эчэйиититтэн, суорума суолламмыт.
Эмиэ бу оройуоҥҥа 2 этээстээх мас дьиэ уокку былдьаммыт. Баһаар түмүгэр уокка былдьанан эмсэҕэлээбит икки киһи олохтоох балыыһаҕа киирбиттэр. Умайыы тахсыбыт төрүөтэ уот ситимигэр сыһыаннаах.
Суукка устата холуочук туруктаах тимир көлөнү ыыта сылдьар 15 суоппар тутуллубут.