21.10.2026 | 10:56 | Просмотров: 57

Бэрээдэкпит туһунан.

Кэнники сууккатааҕы субуокка.
Бэрээдэкпит туһунан.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн икки буруйу оҥоруу бэлиэтэммит.

Мииринэй улууһун биир харабынайыттан (охранник) хамнаһыттан 570 тыһ. тахса солкуобайы албын суолунан үктэтэн ылбыттарын үҥсүбүт.

Дьокуускай куоракка сокуону кэһэн туран, харчылаах (азартнай) оонньуулары тэрийии чахчыта баара быһаарыллыбыт.

Саха сирин киин куоратыгар кырачаан, баара эрэ 2025 сыллаах төрүөх кыысчаан үрдүгэр итии ууну куттан, 1, 2 истиэпэннээх бааһырыыны ылбыт. Балыыһаҕа киллэрбиттэр.  

Мииринэй улууһугар «УАЗ Патриот» массыына суоппара тимир көлөтүн кыайан салайа тутумуна суолтан туораан тахсан, сууллубут.  Ол түмүгэр онно олорсон испит 2 пассажир балыыһаҕа киирэр гына эчэйбиттэр.  

Ааспыт суукка иһигэр холуочук туруктаах массыына ыыта сылдьар  4 киһи тутуллубут. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ Прокуратурата иһитиннэрэр.

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.