Бэрээдэкпит хайдаҕый?
Дьокуускай куорат биир кыбартыыратыгар 1977 сыллаах төрүөх эр киһи түөһүгэр быһаҕынан анньыллан, суорума суолламмытын булбуттар. Уорбаланааччы ким буоларын быһаарбыттар.
Нерюнгрига холуочук туруктаах массыына ыыта сылдьар киһини туппуттар. Иккистээн түбэһиитэ эбит. Массыынаны күрэппит.
Дьокуускайга норкуотугу сокуону кэһэн туран эргинэ сатаабыт киһини туппуттар.
Биир устудьуон интэриниэтинэн харчылаһан абыранаары хаарыан 990 тыһ. солк. ытыс соттубут.
Горнай оройуонугар субсидия харчытын тус сыалыттан атыҥҥа туттубутун иһин, РФ УК 159 ыст. 3 ч. биир киһиэхэ холуобунай дьыаланы көбүппүттэр.
Киһи эчэйиилээх суол саахала бу сууккаҕа тахсыбата. 14 холуочук суоппар тутуллубут.
***
Оттон Ньурба оройуонун Прокуратурата олохтоох «Көтөр иитэр фабрика» АУо- ҕа үлэ сокуонун кэһии түбэлтэтэ тахсыбытын быһаарбыт. Бэрэбиэркэ үлэһиттэр хамнастара тардыллан төлөнөр түгэнэ баарын уонна үлэ харыстабыла тутуһуллубатын, ол эбэтэр, биирдиилээн анал көмүскүүр сириэстибэ бэриллибэтин, ону тэҥэ ыытыллыахтаах инструктаж оҥоһуллубатын быһаарбыт. Прокуратура туһааннаах миэрэлэри ылбыт. Административнай быраабы кэһии туһунан дьыала арыллыбыт.