Бэрээдэк туруга
Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт суукка иһигэр 3 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Дьокуускай куоракка «Наташа» диэн портативнай гараһы уордулар диэн сайабылыанньа киирбит.
Ону тэҥэ албыннааһын (мошенничество) туһунан үҥсүү киирбит: 1-кы куурус устудьуонуттан албыннаан 143 тыһ. тахса солкуобайы уорбуттар.
Нерюнгри куоракка кассир нэһилиэнньэттэн сылааһынан хааччыйыы иһин хомуйбут 930 тыһ. тахса солкуобай суумалаах төлөбүрдэрин айбардаабытын (растрата) иһин холуобунай дьыала тэриллибит.
Алдан оройуонун прокуратурата «Прогресс» старателлар артыалларын сиригэр-уотугар баар токарнай сыахха гаас баллона эстибитинэн бэрэбиэркэни тэрийдэ.
Ити быһылаан түмүгэр 1971 уонна 1982 сыллаах төрүөх икки үлэһит өлбүт, 1984 сыллаах төрүөх биир үлэһит балыыһаҕа киирбит.
Суолга киһи өлүүлээх суол быһылаана, хата, тахсыбатах.
Суукка иһигэр тимир көлөнү арыгы иһэн баран ыытан испит 4 суоппары туппуттар.