Бэрээдэгэ суох миграннарга “суол сабыллыбыт”.
Маннык дьаһаныыны күүппүт, арааһа, элбэх буолуохтаах. РФ Ис дьыала министиэристибэтин Саха сиринээҕи салаатын көҕүлээһининэн, бу дьыл сэтинньи ыйынааҕы туругунан, 1000-тан тахса омук гражданыгар Арассыыйа сиригэр-уотугар киирии ончу бобуллубут. Өрөспүүбүлүкэ ИДьМ Миграция боппуруостарыгар управлениетын чахчытынан, бу көрдөрүү ааспыт сыл туһааннаах кэмигэр тэҥнээтэххэ 24,8%-нан үрдүк.
Онуоха уопсастыбаннай бэрээдэк сатарыйыытыгар тиэрдэр кутталаах тас дойду гражданнарыгар утаарыы кэнниттэн дойду иһигэр киирэллэрин бобор туһунан быһаары ылыллыыта 42,2% элбээбит.
Ону тэҥэ административнай кэһиини хаста да оҥорбут кэлии дьону киллэрбэт туһунан уураах ахсаана 11 бүк эбиллибит. Ону таһынан, полиция үлэһиттэрэ сымыйа (поддельнай) докуомуннары туһаммыттара биллибит омук дьонун киллэрэри бобор туһунан быһаарыы ылыллыыта 4,3% элбээбит.