05.11.2026 | 08:52 | Просмотров: 89

Бензин сыаната түһэрэ саарбах

“Эхо столицы” таһаарыыга үлэлиир кэллиэгэлэрбит эксперт Игорь Корневы кытта кэпсэттилэр.
Бензин сыаната түһэрэ саарбах
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: EXO-YKT
Бөлөххө киир

Саха сиригэр чугаһынан бензин сыаната түһүө суоҕа. Ол туһунан уруккута Саха сирин бөдөҥ нефтегазовай хампаанньаларын салайбыт Игорь Корнев кэпсиир.

Кини бэлиэтээбитинэн, уматык сыаната ньиэби таҥастыыр собуот ыскылаатын сыанатыттан, маны таһынан логистика ороскуотуттан уонна АЗС ситимнэрин нөҥүө батарыы ороскуотуттан таҥыллар.

Маныаха хампаанньалар уматыгы тиэйэн аҕалаары, харайаары ылбыт кирэдьииттэрин бырыһыана хайаан да эбиллэр. Ону таһынан инфляция, кэлиҥҥи кэмҥэ ньиэп-гаас собуоттарыгар оҥоһуллубут алдьатыылаах атаакалар эбии буолаллар.

“Бу бүтэһик кэмнэргэ сылга 50 мөл. туоннаны эргитэр кыахтаах үс бөдөҥ ньиэби таҥастыыр собуот атаакалартан эмсэҕэлээтэ. Онон ырыынакка дэписсиит үөскээтэ. Инньэ гынан сыана түһүөҕэ диэн эрэл санаа кыыма суоҕун кэриэтэ буолла”, - диэтэ Игорь Корнев.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.