Бэнсиин сыаната дойду 53 эрэгийиэнигэр түспүт, хааччахтаан атыылааһын сыыйа тохтуур.
Бу бүгүҥҥү күннээххэ олус сытыытык турар боппуруоһу “Московский комсомолец” таһаарыы сырдаппытын сэргиэххит дии саныыбын.
АЗС-тарга атыыланар бэнсиин, диисэл уматыга төһө-хачча сыанаҕа турар буолуоҕун, арааһа, кыра оҕо эрэ толкуйдуу, билэ сатаабата буолуо. Тоҕо диэтэххэ, ас-таҥас, табаар, оҥорон таһаарыы сыаната бэнсиин сыанататтын быһаччы тутулуктаах.
Таһаарыы, чуолаан алтынньы 13 -19 күннэринээҕи туругунан, саппараапкаҕа атыыланар бэнсиин сыаната дойду 53 эрэгийиэнигэр түспүтүн бэлиэтиир. Онуоха Росстат дааннайдарыгар сигэммит. Ордук биллэ-көстө сыана Курган уобалаһыгар түспүт. Кинилэр бэнсииннэрэ ити кэмҥэ 8,03 бырыһыан түспүт. Оттон Ингушетияҕа – 7,64 бырыһыан. Бу туһунан “Российская газета” эмиэ сырдатан турар.
Тамбов уонна Вологда уобаластарыгар, ортотунан эттэххэ, уматык 4,5–5,2 бырыһыан түспүт. 3%-тан ордук намтааһын Севастополь, Свердлов, Калуга уонна Кострома уобаластарыгар бэлиэтэммит. 5 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Марий Элгэ уонна Хакасияҕа бэнсиин сыаната 2 бырыһыантан тахсанан түспүт. 17 субъекка – 1%, оттон 23 эбийиэккэ 1 бырыһыантан кыранан түспүт.
Түһүү аата, түһүү буоллаҕа, үрдээһин буолбатах. “Баҕа силэ байҕалга эбии” диэн өс хоһоонун манна туттуохха сөп.
Татарстан өрөспүүбүлүкэтигэр бэнсиин 1 л сыаната 72,06 солк. эбит. АИ-92 ортотунан, 69, 04 солк, АИ-95-тээх – 74, 27 солк. Оттон үрдүк кылаастаахтарын киэнэ -- 100 солк. 94 харчы.
Итини таһынан дойду эрэгийиэннэригэр бэнсиини хааччахтаан кутуу тохтоон эрэр. Холобур, 5 ый устата лимииттээн олорбут Севастополь кытта тохтоппут.
Саха сиригэр бүгүҥҥү чахчынан, “Саханефтегазсбыт” АУо билигин да хааччахтыыр. “Туймаада-ньиэп” АУо уонна “Сибойл” ХЭУо лимиитинэн атыылыыры тохтоппуттар. Таараҕа кытта куттаран ылыахха сөп гыммыттар. “Сервис Ойл” эмиэ биир массыынаҕа 20 л кутар лимиитин салгыы туттар.
Тутулуга суох эпэрээтэрдэр дойду үрдүнэн тимир көлө уматыгын атыылаһалларыгар уустугу көрсөллөрүн таһаарыы суруйар. Уматыктара тохтоон ыла-ыла кэлэрэ баар эбит.
Төһө да дойду АЗС-тарыгар балаһыанньа сүрүннээн тупсарын иһин, дойду вице-премьерэ Александр Новак алтынньы 15 күнүгэр буолбут «Арассыыйа энергетическэй нэдиэлэтигэр» дойдубут бу сыл түмүктэниэр диэри тас дойдулартан бэнсиини салгыы киллэриэҕин эппит.
Кини дойдубут былааһа экологическай намыһах кылаастаах уматыгын биржа нөҥүө атыылыыра ордугун, ол сыана дьэҥкэ буолуутугар суолталааҕын бэлиэтээбит.
Национальнай энергетическэй куттал суох буолуутугар пуонда сүрүннүүр аналитига, РФ Бырабаатылыстыбатын иһинэн Үп университетын эспиэрэ Игорь Юшков:
- Уматык ырыынагын балаһыанньата тупсан эрэр. Ол чуолаан сайыҥҥы, бэнсиин үгүөрүтүк туттуллар кэмэ түмүктэммититтэн сэдиптэнэр. Атырдьах ыйыгар уматыкка наадыйыы муҥутуурдук үрдүү сылдьан баран, балаҕан ыйыттан наадыйыы аҕырымнаан эрэр. Сэтинньигэ наадыйыы өссө түһүөҕэ. Дьон үксэ тымныы кэмҥэ тимир көлөтүн туруорар. Ол гынан баран, билиҥҥитэ баар кыһалҕа ситэ быһаарылла илик. Новак эппитинэн, бэнсиин диписиитэ ис ырыынакка 5 % иһинэн-таһынан халбаҥныыр.
Киниттэн “Московский комсомолец” суруналыыһа: “Кини өссө бэнсиини тас өттүттэн киллэрии сыл бүтүөр диэри салҕаныаҕын эппитэ. Өскөтүн уматык ырыынага орун-оннугар түспүт түгэнигэр тоҕо ол нааданый?” – диэн лаппыйан туоһуласпыт. Онуоха эспиэр:
- Кыһалҕа билигин да баар. Ханнык баҕарар НПЗ өрөмүөҥҥэ бардаҕына, уматык тиийбэт кыһалҕата төннүөн сөп. Аны, бэнсиин мааркататтын тутулуктанан, балаһыанньа эриэ-дэхси буолбатах. Үгэс курдук, 92-лээх бэнсиин АЗСтарга өрүү кэлэр буоллаҕына, төһөнөн уматык октанын сыыппарата үрдүк да, оччонон ол көрүҥ бэнсиин көстүүтэ уустуктаах. Тастан киллэрии туһунан этэр буоллахха, зарубежьяттан аҕалыы күн бүгүн суоҕун тэҥэ. Бэнсиин сүрүннээн Беларуссияттан уонна улахана суох кээмэй Казахстантан тиэллэр. Ол да буоллар кинилэртэн да аҕалыы сыыйа аччаан иһиэҕэ, – диэбит.
Уһук Илиҥҥэ балаһыанньа хайдаҕый?
Туругу билсибиччэ, салгыы кыҥастаһабыт. Чуолаан Уһук Илин эрэгийиэннэрин уонна Саха сирин киэнэ сэҥээрдэрэ эрэбил.
Росстат чахчытыгар олоҕуран, барыны бары билэр Оҥоһуу Өй, бу дьыл алтынньы 13 -19 күннэринээҕи туругунан, маннык дааннайы үллэһиннэ.
Уһук Илин Федеральнай уокурукка, биир лиитир бэнсиин, ортотунан сыаната, 81 солк. 65 харчыга диэри түстэ. Нэдиэлэ анараа өттүгэр л сыаната 83,76 харчы этэ. “Уоль оҕото” эригийиэннэринэн арааран, салгыы маннык дааннайы субурутта:
Бүрээтийэ өрөспүүбүлүкэтигэр: 71,04 солк. оннугар 67,92 буолла.
Хабаровскай кыраайга : 74, 87 солк. оннугар – 72,98 солк.
Чукотка автономнай уокуругар 76,00 солк. буолла (эрдэ 77,65 солк. этэ).
Амур уобалаһыгар – 77,75 солк. ( 80,61 солк. этэ).
Приморьеҕа – 80,83 солк. (84,87 солк. этэ).
Забайкалье кыраайыгар – 81,65 солк. (85,86 солк.этэ).
Сахалин уобалаһыгар – 82,70 солк. (88,05 солк. этэ)
Еврей автономнай уобалаһыгар – 80,70 солк. ( 82,64 солк. этэ)
Магадан уобалаһыгар: 92,97 солк. (94,45 солк. этэ)
Саха өрөспүүбүлүкэтигэр – 97,54 солк. (99,85 солк. этэ)
Камчатка кыраайыгар: 100,62 солк. (102,64 солк. этэ).
Ааспыт сырыыга, күһүөрү, бэнсиин сыанатыгар Уһук Илиҥҥэ Саха сиригэр муҥутуур үрдүк сыана олохтоммут этэ. Билигин Камчатка сыаната баһыйбыт курдук көстөр.
Оттон “Полный Бак” суруйарынан, алтынньы 26 күнүнээҕи чахчынан, Саха сиригэр бэнсиин биир лиитирин сыаната, ортотунан, 98 солк. 53 солк. тэҥнэһэр.
Бэнсиин сыанатын уларыйан иһиитин бу https://ftcard.ru/toplivo-cena/respublika-sakha-yakutiya/ai-95/ сигэнэн киирэн билсиэххитин сөп.
Оттон дьиҥ баар сыананы тимир көлөлөөхтөр, кимнээҕэр да бэйэҕит бэркэ билэ-көрө сылдьаҕыт: сыана түспүтүн көрдүгүт дуу?
Киһи – уута суох, тимир көлө – уматыга суох табыллыбат. Киин сирдэргэ уматыкка наадыйыы кыһыҥҥы ыйдарга биллэ түһэр диир эбит буоллахтарына, тыйыс тымныылаах, “Наташа” суорҕан анныгар кыстыыр үгүс тимир көлөлөрдөөх Сахабыт сиригэр массыына, тыраахтыр уматыкка наадыйыыта түһүөҕүнээҕэр элбиирэ чахчы. Арай, кырдьык, массыынатын туруорааччы элбиирин суотугар, баҕар, биһиэхэ да бэнсииҥҥэ наадыйыы уопсай көрдөрүүтэ түһэр курдук көстүөн сөп. Оттон биирдиилээн массыыналаахтар кыһынын бэнсиин лаппа элбэх туттулларын эттэринэн-хааннарынан толору билэҕит. Күнү супту үрдэриигэ, түүннэри собуоттанан турууга хас эмэ бүк элбиир. Үчүгэйэ, киин, сымнаһыар тымныылаах уобаластарга бэнсиини туттуу аҕыйыырын түмүгэр, төһө да тымныы эрэгийиэн элбэҕин иһин, уматык диписиитэ тахсымыан сөп. Эппиттэрин курдук, Беларуссияттан, Казахстантан аҕалыыны ончу тохтотор былааннара суох. Оттон уонна саппааһырыы эмиэ наада. Дьыл-хонук биллибэккэ субуллар, сааскы ыһыы, от кэмэ кэлбитэ эрэ баар буолуо турдаҕа.