12.10.2026 | 10:02 | Просмотров: 65

Беларуссияҕа Greenfield чэйи атыылыыры боппуттар.

Бэрэбиэркэ чэйгэ баар буолуон сөптөөх түүнүк нуормата 70 төгүл элбэҕин көрдөрбүт.
Беларуссияҕа Greenfield чэйи атыылыыры боппуттар.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу дьыл алтынньы 10 күнүгэр Белоруссия Стандартизацияҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтэ Greenfield Buckwheat & Cocoabeans (гречиха уонна какао-боб, мята) диэн чэй көрүҥүн кинилэр дойдуларыгар киллэрэри, атыылыыры кытаанахтык боппут. Туһааннаах табаары оҥорооччу атыҥ көрүҥ чэйдэрэ көҥүллээхтэр үһү.

Таможня сойууһа «Ас куттала суох буолуутун туһунан» техничэскэй регламенын ирдэбилин толоостук кэспитин быһаарбыттар. Түүнүгэ элбэҕин ааһан, анаалыс оһоҕос палочкатын (кишечная палочка) бактериялара элбэҕин көрдөрбүт. Онон ити көрүҥ чэйи ылбатах көнө.

2025 сыллаахха «Азерчай» уонна «Золотая чаша» курдук хас да биллэр мааркаларга — кишечнай палочка, быйыл Dilmah уонна «Краснодарскай» чэйдэргэ эмиэ нуорманы таһынан элбэх түүнүк баара быһаарыллан, Арассыыйаҕа сорох чэй көрүҥэ тохтотулла сылдьыбыта.

Ол аата, аатырбыт, биллэр да чэйдэр ханнык эмэ партияларыгар биитэр олор ааттарыттан, уоран оҥорор фирмаларга дуу, түүнүк, кишечнай палочка үгүөрү буолар кыахтаах диэн өйдүөххэ сөп.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.