Бээтинсэҕэ сулустар тугу сүбэлииллэрий?
Бу күн бары бэлиэлэргэ үлэҕэ, дьиэ кэргэҥҥэ уонна тус олоххо болҕомтолоох буолары эрэйэр. Сыыһа-халты туттубат, алҕаһаабат туһугар суолталаах быһаарыныыны ылынартан туттунар ордук. Биирдиилээн бэлиэлэринэн сүбэ.
🔥 Уот эйгэлээх (стихиялаах) бэлиэлэргэ
✅Хой.
Урукку, өр көрсүбэтэх доҕотторгун көрсүөх курдуккун. Саҥа үлэ, саҥа дуоһунас эбэтэр табыгастаах дуогабар күүтэр чинчилээх.
✅Хахай.
Чугас дьоҥҥор көмөлөс. Бүгүн оҥорбут үтүө дьыалаҥ бэйэҥ күүскүн, кэскилгин тупсарыа, күүһүрдүө.
✅Охчут.
Дьиэ иһинээҕи кыһалҕаны быһаарарга үчүгэй кэм. Саҥа малы-салы атыылаһыы табыллыа, ол малгыт уһун кэм туһалыа.
🌍 Сир эйгэлээх бэлиэлэргэ
✅Оҕус.
Сир уонна хамсаабат баай-дуол дьыалатыгар ситиһиилээх, үтүө күн. Доруобуйаҕын көрүн.
✅Кыыс.
Кими да кытта киирсэ, этиһэ сатаама. Уордайаргын уҕарыт. Сонун билсиһии күүтэр.
✅Чубуку.
Саастаах урууларгын кытта кэпсэт, сэһэргэс. Кинилэр сүбэ- соргу тыллара санааҕын көтөҕүө уонна туһалыа даҕаны.
💨 Салгын эйгэлээх бэлиэлэргэ ✅Игирэлэр.
Туох хайа иннинэ үлэҕэ- хамнаска болҕой. Буолар- буолбат кэпсэтиигэ, хопко-сипкэ бириэмэни бараама.
✅Ыйааһын.
Эмоцияҕын туттуна сатаа. Иэйии кутуллар кэмигэр ис дууһаҥ чуумпутун уонна ис эйэтин ыһыма.
✅Күрүлгэн.
Иллэҥ кэмҥэр бэйэҥ сөбүлүүр хоббигынан дьарыктан. Тулалыыр дьоҥҥо эйэҕэстик сыһыаннас.
💧 Уу эйгэлээх бэлиэлэргэ
✅Араак.
Бары дьыалалары эрдэттэн кыһанан бэлэмнээ. Сыыһа туттууттан уонна ороскуоттан сэрэн.
✅Скорпион.
Тулалыыр дьоҥҥо атын оруолу оонньоомо, дьүһүн кубулунума. Күүстээх үлэ куһаҕан санааттан аралдьытыа.
✅Балыктар
Инники олох туһунан куһаҕаны толкуйдаама. Чугас киһигин кытта сыһыаҥҥа уларыйыы баар курдук, кэтээн көр.