Байыастарга баһыылка ыыталлара

Оччотооҕу оҕо сиэринэн улахан дьону кытта тэбис-тэҥҥэ ньирэй көрсөрө, ол быыһыгар фроҥҥа баһыылка бэлэмнииргэ көмөлөһөрө, ичигэс үтүлүк, этэрбэс тигэн, байыастарга ыыталлара. Ол курдук, кыайыы туһугар бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрбитин иһин Екатерина Афанасьевна «1941-45 сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Сэрии кэнниттэн бастаан «Эҥэ» холкуоска суотчутунан үлэлии киирбитэ. 7 кылааһы бүтэрэн баран, тулаайах буолан, салгыы кыайан үөрэнэ барбатаҕа. Онтон, «Силээннээх» сопхуос тэриллээтин кытта, иис сыаҕын сэбиэдиссэйинэн үлэлии киирбитэ.
Екатерина Афанасьевна бэйэтин эбээһинэһин чиэһинэйдик толорор, үлэтигэр бэриниилээх киһи буолан, дьон ытыктабылын ылыан ылбыта. Онтон отучча сыл, биэнсийэҕэ тахсыар диэри оҕо уһуйааныгар үлэлээбитэ. Ханнык да тэрилтэҕэ хайҕанара, үтүө холобур буолар каадыр этэ, ону элбэх наҕараадата, бочуоттаах грамоталара, мэтээллэрэ туоһулууллар.
Екатерина Афанасьевна түөрт оҕо иһирэх ийэтэ буолар. Оҕолоро бары үөрэхтэнэн, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлээн, билигин бары ытыктанар дьон. Кини 13 сиэннээх, 29 хос сиэннээх, 2 хос хос сиэннээх.
Биһиги хос эбэбит 90 сааһыгар тиийиэр диэри иистэнэр этэ. Барыбытыгар унтуу, ичигэс үтүлүк, бэргэһэ тигэрэ, сиэннэрин, хос сиэннэрин бүөбэйдиирэ, ол быыһыгар ынах иитэрэ.
Бүгүрү үлэһит, амарах сүрэхтээх хос эбэбинэн киэн туттабын.
Миша Климовскай, Дьокуускай куорат 12-с №-дээх орто оскуолатын 7 «В» кылааһын үөрэнээччитэ