29.03.2025 | 10:00 | Просмотров: 250

Бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ босуобуйа анатыы

Бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ босуобуйа анатыы
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Биир кэмнээх босуобуйа
(федеральнай)

* Кимиэхэ. Биир төрөппүккэ

* Төһөнүй. 2025 сыл олунньу 1 күнүттэн — 26 941,71 солк. саҕаланар.

* Хайдах оҥотторуохха. Үлэлээхтэр — үлэ биэрээччи нөҥүө, үлэтэ суохтар — Госуслуга нөҥүө.

1,5 сааһыгар диэри оҕо көрөн олорорго босуобуйа (федеральнай)

* Кимиэхэ. Үлэлээх төрөппүккэ эбэтэр атын аймаҕар, үлэлээбэт киһиэхэ — тиийинэн олорорун учуоттаан.

* Төһөнүй. Орто хамнаһыттан 40%, олунньу 1 күнүттэн алын кээмэйэ — 10 103,83 солк. саҕаланар.

* Хайдах оҥотторуохха. Үлэлээхтэр — үлэ биэрээччи нөҥүө, үлэтэ суохтар Госуслугаҕа, ону тэҥэ МФЦ-га бэйэ тиийэн уонна СФР килийиэннэрин сулууспатыгар.

Бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ биир кэмнээх төлөбүр (региональнай)

* Кимиэхэ. Ийэтигэр, Саха сиригэр үс сылтан итэҕэһэ суох олорбут буоллаҕына.

* Төһөнүй — 50 910 солк. (СӨ I зоната), 60 780 солк. (СӨ ll зоната)

* Хайдах оҥотторуохха. Өскөтүн нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуутун управлениетыгар счет реквизита баар буоллаҕына —тута төлөнөр, суох буоллаҕына, Сөбүлэҥ ыытыахха наада.

Ийэ хапытаала (фед)

* Кимиэхэ.Ийэҕэ, сорох түгэҥҥэ — аҕаҕа.

* Төһөнүй. 2025 сыл олунньу 1 күнүттэн– 690 266,95 солк.

* Хайдах оҥотторуохха. Сертификат оҕону регистрациялаабытыҥ кэннэ Госуслуги порталга кэлэр. Госуслуги нөҥүө тыырыахха сөп.

Ийэ хапытаалыттан 3 сааһыгар диэри ыйдааҕы төлөбүр (федеральнай)

* Кимиэхэ. Региоҥҥа биир киһиэхэ нэһилиэнньэ олоҕун алын кээмэйин таһымыттан 2-тэн ордуга суох орто дохуоттаах дьиэ кэргэҥҥэ.

* Төһөнүй. Региоҥҥа оҕолорго олох биир алын кээмэйэ.

* Госуслуга нөҥүө оҥоттороҕут.

“Дети столетия” тус сыаллаах хапытаал (региональнай)

* Кимиэхэ. Ийэҕэ, оҕо төрүүрүгэр Саха сиригэр олорор буолуохтаах.

*Төһөнүй. 116 756 солк.

Биир кэмнээх босуобуйа (федеральнай)

*Кимиэхэ. Дьиэ кэргэн орто дохуота региоҥҥа олох алын кээмэйиттэн улахана суох буоллаҕына.

* Төһөнүй. 0 сааһыттан 17-гэр диэри хас биирдии оҕоҕо олох алын кээмэйиттэн тутулуктанан 50, 75 эбэтэр 100% төлөнөр.

* Госуслуга нөҥүө оҥоттороҕут.

Сулууспа кэмигэр босуобуйа

*Кимиэхэ. Ийэтигэр эбэтэр оҕо опекунугар аҕата 3 сылга диэри сулууспалыыр кэмигэр.

* Төһөнүй. 2025 сыл олунньу 1 күнүттэн — ыйга 18 285 солк.

* Госуслуга нөҥүө оҥоттороҕут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Педиатр Варвара Борисова: “Оҕону тэпилииссэҕэ курдук аһара бүөбэйдээн улаатыннарымаҥ”
Дьон | 08.10.2026 | 11:58
Педиатр Варвара Борисова: “Оҕону тэпилииссэҕэ курдук аһара бүөбэйдээн улаатыннарымаҥ”
Дьокуускай куораттааҕы медицина киинигэр Үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго аналлаах медицинскэй көмөнү тэрийэр салаа үлэтин сүрүннүүр педиатр бырааһа Варвара Леонидовна  Борисованы кытта кэпсэттибит.
Бүгүн бу сүбэлэри туһаныҥ. Гороскоп.
Сонуннар | 07.10.2026 | 09:19
Бүгүн бу сүбэлэри туһаныҥ. Гороскоп.
Сулустар олоҕо суоҕу тиэрдибэт буолуохтаахтар.
ХАС БИИРДИИ ДЬАХТАР ИҺИГЭР  – “АНФИСА” БААР
Сонуннар | 05.10.2026 | 20:00
ХАС БИИРДИИ ДЬАХТАР ИҺИГЭР – “АНФИСА” БААР
Николай Габышев “Анфиса” кэпсээнэ 65 сылынан тус санаа.
Аныгы кэм худуоһунньуга Туйаара Стручкова-Хоноёхова: «Сорох уобарас түүлбэр киирэр...»
Дьон | 09.10.2026 | 14:30
Аныгы кэм худуоһунньуга Туйаара Стручкова-Хоноёхова: «Сорох уобарас түүлбэр киирэр...»
Кини айбыт уобарастара субу тиллэн, хамсаан, саҥаран-иҥэрэн барыах курдуктар. Олоҥхоҕо, саха мифологиятыгар олоҕурбут хартыыналара сүрэҕи-быары ортотунан киирэннэр, искэр сырдык кыымы саҕаллар. Оттон киэҥ сэҥээриини ылбыт «Дьол кыната» үрдүккэ көтүтэр.