05.03.2026 | 07:00 | Просмотров: 114

Бастакы оҕо иһин төлөбүр: төһөнү, хайдах ылыахха сөбүй

Саха сиригэр олорор эдэр дьиэ кэргэн бастакы оҕолоро төрөөтөҕүнэ, биир кэмнээх төлөбүр ылыахтарын сөп.
Бастакы оҕо иһин төлөбүр: төһөнү, хайдах ылыахха сөбүй
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арктика оройуоннарыгар төлөбүр 64 912 солк., атын улуустарга уонна өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар 54 370 солк буолар, диэн “Якутия 24” эрэгийиэннээҕи Үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар сигэнэн иһитиннэрэр.

Бастакы оҕотун төрөппүт эбэтэр иитэ ылбыт дьахтар, өскөтүн Саха сиригэр үс сылтан кырата суох олорбут буоллаҕына, төлөбүр ылар бырааптанар. Сорох түбэлтэҕэ оҕо аҕата эмиэ сөп түбэһиэн сөп, ол эрээри бу ураты көрүүнү эрэйэр. Төлөбүр ылар быраабы бигэргэтэргэ, төһө уһуннук олорбутун туоһулуур докумуон ирдэниэн сөп.

Төлөбүрдэри ылар киһи баан реквизиттэрэ социальнай хааччыйыы уорганнарыгар баар буоллахтарына, сайабылыанньа биэрэр наадата суох. Атын түгэҥҥэ, эрдэттэн төлөбүргэ сөбүлэҥ ирдэнэр буоллаҕына, сайабылыанньаны Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталыгар эбэтэр “Мин докумуоннарым” элбэх функциялаах киин нөҥүө биэриэххэ наада. Төлөбүр оҕо үс сааһын туолуор диэри оҥоһуллар.

Ыйытыылардаах буоллаххытына 8-800-100-0001 нүөмэргэ эрийиэххитин сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.