21.04.2026 | 16:30 | Просмотров: 119

Бастакы кылааска суруйтарыы салгыы ыытыллар

Бастакы кылааска суруйтарыы салгыы ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөрэххэ киирии хампаанньата 2026 сыл муус устар 1 күнүттэн бары өрөспүүбүлкэ бары оскуолаларыгар саҕаламмыта. Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистири бастакы солбуйааччы Нюргун Павлов үөрэххэ киирии былаан быһыытынан баран иһэрин уонна бары оскуолалары хабарын иһитиннэрдэ.

Киирии икки түһүмэхтээх

Бастакы түһүмэх – 2026 сыл муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри. Сайабылыанньа оскуола анаммыт сиригэр олорор ыаллартан, ону тэҥэ гражданнар чэпчэтиилээх категорияларыттан ылыллар.

Иккис түһүмэх от ыйын 6 күнүттэн саҕаланыаҕа уонна бары баар миэстэлэр туолуохтарыгар диэри салҕанар (балаҕан ыйын 1 күнүттэн хойутаабакка). Бу кэм устата төрөппүттэр оҕолорун регистрациятыттан тутулуга суох, миэстэ баар буоллаҕына, ханнык баҕарар оскуолаҕа сайабылыанньа биэриэхтэрин сөп.

Миниистири солбуйааччы анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна куттал суох буолуутун күүстэрин үлэһиттэрин оҕолоро, ол иһигэр СВО кэмигэр өлбүттэр, бастакы миэстэҕэ туралларын тоһоҕолоото. Сүрүн ирдэбил – олорор сиргинэн сурутуу уонна онно анаммыт оскуолаҕа үөрэнии.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.