05.10.2026 | 09:30 | Просмотров: 152

Бастакы халадаай (учууталым Светлана Степановна Ноговицына туһунан)

Оҕолор айарга холоноллор
Бастакы халадаай (учууталым Светлана Степановна Ноговицына туһунан)
Ааптар: Виктория Степанова, Дьокуускай куорат 12-с №-дээх оскуолатын 8 «В» кылааһын үөрэнээччитэ
Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ уонна Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Технология учуутала Светлана Степановна кабинетыгар киирдэ. Бу кылааска куруук сылаас уонна сырдык. Түннүк анныгар эрээтинэн иистэнэр массыыналар кэчигирэһэн тураллар, оттон истиэнэҕэ кыргыттар бэйэлэрин илиилэринэн тикпит былааттара, фартуктара уонна дьууппалара ыйаммыттар. Сорох күннэргэ кинилэр ас астыыллар, ол иһин наар минньигэс сыт кэлэр.

Светлана Степановна сымнаҕас куолаһынан элбэҕи кэпсиир, быһаарар, сүбэлиир. Кини олоххо туһалаах сатабылларга үөрэтэр, кэрэни көрөргө уһуйар, учуутал эрэ буолбакка, дьүөгэ курдук.

Бүгүн ахсыс кылаас кыргыттарыгар күүтүүлээх күн – кинилэр бэйэлэригэр бастакы сахалыы халадаайдарын тиктиэхтээхтэр.

– Кыргыттар, уоскуйдубут, – Светлана Степановна мичээрдээтэ. – Иис диэн сатабыл эрэ буолбатах, бу бэйэҕит санааҕыт кэрэтин таҥаска тиһии. Сэрэнэн, хас биирдии сантиметргытын бэлиэтээҥ.

Кыргыттар үлэлэригэр түһүннүлэр. Ким эрэ тугу эрэ сатаммакка ыксаата, ким эрэ саба иилистэн хаалла. Онуоха учууталлара хас биирдии үөрэнээччитигэр тиийэн көмөлөстө.

Уруок бүтүүтэ кыргыттар былаачыйаларын таһааран көрдөрдүлэр, Светлана Степановна аттыгар туран, туох табыллыбытын, туох табыллыбатаҕын кэпсээтилэр. Бары үөрүүлэриттэн харахтара умайар.

Учуутал кыргыттары көрөн ис сүрэҕиттэн долгуйда. Кини идэтин сүрүн сыала – кэрэни айар дьоҕуру уһугуннарыы, бэйэлэригэр итэҕэли үөскэтии.

Уруок бүппүтүн биллэрэр чуораан тыаһаабытын да кэннэ, кыргыттар Светлана Степановна кылааһыттан барыахтарын баҕарбаттар.

 

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп