28.10.2026 | 17:30 | Просмотров: 81

Барыта да кутталлаах

Ким билиилээх – ол сэбилэниилээх, көмүскэллээх.
Барыта да кутталлаах
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Түөкүттэр отоойкоҕо олордор ньымалара элбиир. Холобур, биир маннык саҥа көрүҥ баар дииллэр.

Гражданин дьиэ эбэтэр кыбартыыра уларсан, олоро түһэн баран,  кэннинээҕи ыйдар киэннэрин, үгүс түгэҥҥэ, хойутуу төлөһүөх буолар.  Ол сылдьан, эмискэ  онно оҥос, бэйэтэ мэлис буолар. Күлүүһүн төннөрбөт. Эбиитин буолар-буолбат сээкэйин ылбакка барар. Онон дьиэлээх киһи арендалаһааччым кэлэр эбит диэн санаан, кыбартыыратын кураанах туруорарга күһэллэр. Бүтэр уһугар, хайыай,  кэтэспэхтии түһэн баран, атын дьоҥҥо куортамҥа биэриэн, харчылаһыан наада буолан, ол малларын быраҕар.

Дьэ, онно, били, мэлийбит киһитэ юрист, полиция аргыстаах көтөн түһэр. Хаалларбыт мала олус сыаналааҕын, киэргэл, бытовой тэрил эҥин баарын этэн-тыынан турар.  Хаһаайын киниттэн көҥүлэ суох хаарыан малын, тэрилин ылбытын, “уорбутун” иһин диэн матыыптаан... кэмпэнсээссийэ туруорсар, суутунан куттуур. Дуогабардара  уһун кэмҥэ түһэрсиллибит, ханна да ыксал наадаҕа бара сылдьыбыт кэмигэр кэмин иннинэ үүрүллүбүт  аатырар.


Онон дуогабар түһэрсэргэ туох баар ымпыгы-чымпыгы барытын киллэрэр наада. Ону тэҥэ хаалларыллыбыт малы-салы описьтаан, биидьийэлээн баран, бырахпакка, уурарга сүбэлииллэр. Ити үөһэ суруллубут курдук схеманан дьону түөкүннээһин баар буолбута сэрэхэдитиэх тустаах.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.