13.05.2026 | 14:09 | Просмотров: 137

Бары кэтэһэр эйэбит туругурара чугаһаата дуо?

Кириэмилгэ Анал байыаннай дьайыы ханнык баҕарар түгэҥҥэ тохтуон сөбүн туһунан быһаардылар.
Бары кэтэһэр эйэбит туругурара чугаһаата дуо?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ, Украина кириисиһин түмүктүүр туһугар, Владимир Зеленскэйи кытары көрсүһэргэ бэлэм. Бу көрсүһүү хаһан уонна ханнык усулуобуйаҕа буоларын туһунан Арассыыйа Бэрэсидьиэнин пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков кэпсээтэ.

«Бэрэсидьиэн, Кириэмилгэ пресс-конференцияҕа, Зеленскэйи кытары Москваҕа көрсүһүүгэ хаһан баҕарар бэлэмин эппитэ... Оттон бу барыта түмүктэнэригэр, тохтууругар улахан үлэни оҥоруохха наада», — диэн Кириэмил бэрэстэбиитэлэ суруналыыстарга эттэ.

Песков Путин үс өрүттээх (Арассыыйа, Украина уонна арҕаа дойдулар) үлэлэрин туһунан кэпсээбитин санатта. Ону таһынан Бэрэсидьиэн АХШ сэриини тохтотууга үлэтин биһириирин туһунан эппит.

Кини СВО хаһан баҕарар тохтуон сөбүн туһунан санатта, Киев сөптөөх быһаарыыны ылыннаҕына, ханныга – биллибэт. Кириэмилгэ, Украина иирсээнин быһаарыы боппуруостарыгар Арассыыйа аһаҕас кэпсэтиилэргэ бэлэмин бэлиэтээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.