Бары күүһү – хаары ыраастааһыҥҥа!
Суол оробуочайдара суоллары, тротуардары, тохтобул сирдэрин уонна бордюр кытыыларын ыраастыыллар. Куорат болуоссаттарыгар уонна уопсастыбаннай туоналарга хаары сиппийиигэ уонна тиэйиигэ анал тиэхиньикэ күүс-көмө буолар.

Өрөспүүбүлүкэ, Орджоникидзе, Доҕордоһуу, Кыайыы болуоссаттарыгар, Ийэ скверигэр, кыргыһыыга охтубут буойуттар болуоссаттарыгар үлэ күөстүү оргуйда. Итини таһынан хомунаалынай сулууспалар «Туймаада саллаата» комплекска, өрүс пуордун болуоссатыгар, «Үс Сэргэҕэ», «Дьокуускай боруотата» стелаҕа уонна да атын уопсастыбаннай туоналарга үлэлээтилэр. Бу учаастактарга сүрүн ааһар сирдэри, айан суолларын уонна сыста сытар сирдэри ыраастаатылар.

Уулусса-суол ситимигэр сүрүн болҕомто уурулунна. Ол курдук, Дзержинскэй, Петровскай, Суорун Омоллоон, Ларионов, Кулаковскай, Киров уулуссаларыгар уо.д.а. күүстээх үлэ барда. Ону сэргэ Хатыҥ Үрэх шоссетыгар, Билибин, Воинскай, Софронов, Чайковскай уулуссаларыгар уонна сыста сытар сирдэр эмиэ хабылыннылар.

Маныаха отуттан тахса анал тиэхиньикэ үлэлээтэ.
«Якутдорстрой» ААУо үлэһиттэрэ куорат сирин-уотун ыраастааһыны уонна хаары тиэйиини салгыыллар. Ону тэҥэ суоллары кумах кутан тэҥнииллэр.